Page 91 - Саха тыла 7 кылаас
P. 91
Эбиискэ арааһа
Тылы үөскэтэр Сыһыан эбиискэ
Эрэ, эмэ, да, Ыйытар: дуо, дуу, даа, дии, сөп дуо, буолбат
даҕаны, курдук, дуо, буолаарай.
бааччы, киэнэ. Соруйар, көрдөһөр: эрэ, үһү, даа, кулу.
Сыал-сорук, ыҥырыы: баара, куолу,
баҕайыта, наада.
Чиҥэтэр, бигэргэтэр: дии, ээ, эбээт,
буолбаат, буоллаҕа.
Чуолкайдыыр: соҕус, аҕай, баҕайы, бэрт,
бөҕө, ахан.
Сэрэйэр, саарбахтыыр: ини, дуу, курдук,
быһыылаах, буолуо.
Халыыбы үөскэтэр Сыанабыл (эмоциональнай) эбиискэ
-ар, -ыах+этэ, эбит; Ньырамсытар: барахсан, котоку, сыыһа,
-а, -ыы+илик; оҕото, эрэйдээх.
аах, аймах, эҥин; Сэниир: баҕас, дуома, буолуохсут, диэхтээн,
наада, сөп, син, буолаахтаан.
сатанар; үһү; Дарбатар, күүркэтэр: бэйэлээх, диэтэх,
тустаах, кэриҥнээх, обургу, аххан, хаан.
суохтаах. Өһүрэр, кыйаханар: буола-буола, түһэн,
ааттаах, сытыйан.
Сөҕөр-махтайар: баҕаһын, ньии, эбитин,
эриэхсит, сүрүн.
Күүскэ баҕарар: баарай, ньии, киһи, киһи
баар ини, ханнык.
Саха тылыгар туттуллар эбиискэ манан эрэ бүппэт. Ону таһынан биир
эбиискэ хас да араас дэгэттээх буолуон сөп. Онон эбиискэ киһи саныыр
санаатын таба этэригэр, сыһыанын, иэйиитин тиэрдэригэр олус улахан
суолталаах, кэпсэтии тылыгар, уус-уран айымньыга туох да солбуйбат
биир бастыҥ этигэн ньыма буолар.
184. Араас эбиискэни туттан, этиилэри уларытан суруй.
1. Саас кэлэн эрэр. 2. Сарсын хонтуруолунай үлэ буолар. 3. Сакалаат
ылыаххын харчыҥ тиийбэт. 4. Быраатыҥ куруук эйигин хаадьылыыр.
91