Page 87 - Саха тыла 7 кылаас
P. 87

Ситимнээх саҥа

                 АРААС ИСТИИЛИНЭН ОЙУУЛААҺЫН
  (КЭПСЭТИИ, УУС-УРАН, БИЛИМ, ДЬЫАЛА ИСТИИЛЭ)

                                  С¥БЭ

    Êýðýíè êýðýõñèèð, үòүөíү өéäүүð êөëүөíý ýðý үðäүê àíàëãà
òèêñýð äüûëҕàëààõ.

                                                                                Ñîôðîí Äàíèëîâ

177. Тиэкистэр ханнык истиилинэн суруллубуттарын бол-
         ҕойон көр, уратыларын быһаар.

    I. Кыталык — бөдөҥ уонна кырасыабай көтөр. Сэттэ-аҕыс киилэ
ыйааһыннаах. Кынатын уһуна — 228 см. Тумса кыһыл, атаҕа саһар-
хайдыҥы өҥнөөх. Кынаттарын төбөтө хара. Аан дойду үрдүнэн 600—
700-кэ кыталык баара биллэр. Билигин кыталыктары харыстыыр,
өлөрбөт дьаһаллар ылыллан, «Кыһыл кинигэҕэ» киллэрбиттэрэ.

II. Кырыылаах тумустаах,     Кытыл сирбин
     Кылдьыылаах харахтаах,  Кырыйа көтөн иһэн,
     Кыҥкынас ырыалаах,      Кыырпаҕа суох кырдалбар
     Кылбаҕар дьүһүннээх,    Кынтас гына түһэн,
     Кынаттаах кыылым —      Кырыымпалыы ыллаата.
     Кыталыктыыра барахсан,
                                                                 (ӨӨ)

178. Бэйэҥ олорор сиргэр (куорат, улуус киинэ, нэһилиэк)
         кыталык заповеднигын тэрийэр туһунан СӨ Ил Дарха-
         нын аатыттан дьаһал суруйарга холон.

                             Хатылааһын

 179. Тиэкиһи аах. Сорудаҕы толор.
    Саас туох да тохтоло суох кэлэн испитэ. Күнүс суол-иис, дэ-

риэбинэ иһэ баллыгыраччы ууллара. Маҥнай утаа ол барыта түүн
чаҕылыччы тоҥон хаалара. Онтон улам-улам түүн да тоҥорбот буол-

                                                                                                            87
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92