Page 84 - Саха тыла 7 кылаас
P. 84

суос бэринэн эрдэҕэ. 10. Ити бүтүннүүтэ киһи сайын ахсын истэр
саҥата-иҥэтэ эрээри хас сырыы аайы уратыйан, кэрэтийэн иһиллэр.
11. Итини истибит киһи бу минньигэс нуһараҥ, бу иһирэх чуумпу
сымнаҕас долгураҥар бигэнэр сүдү дьолунан көтөҕүллэн, Ийэ сир бу
биир үтүө муннугар олорор дьоҥҥо: «Доҕоттоор, бу күн сирэ барах-
сан үчүгэйиэн!» — диэн хаһыытыахха айылаах. (Софр.Д)

1. Уус-уран ойуулааһыны оҥорор тыллары булан араар, ханнык тыл-өс
    буолалларын быһаар.

    Туһан: ааттыыр этии, дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр тыл, уус-уран
тэҥнэбил, эпиитэт, даҕааһын аат, даҕааһын аат күүһүрдэр халыыба, ха-
ныыласпыт уонна хоһуласпыт тыл, ойоҕос саҥа, күүһүрдэр этии.

2. Тиэкистэн ойуулааһыны оҥорор тылы-өһү ылан кэбис. Туох-хайдах
    буолла?

3. Оччоҕо маннык тыл-өс уус-уран ойуулааһын туга буолар диэххэ
    сөбүй?

4. Бэлиэтэммит үс этииттэн сыһыаты булан төрүт эбэтэр үөскээбит
    буоларын ыйыҥ.

5. Быһа тардыы тиэкиһи туох диэн ааттыаҥ этэй? Санааҕын олохтоох-
    тук быһааран эт.

    23 §. Сыһыат арааһа

    Сыһыаты икки бөлөххө араараллар:
    1) хайааһын ис хаачыстыбатын бэлиэтиир: сахалыы, бытааннык;
    2) тас сыһыаны бэлиэтиир: бүгүн, чугас.
    Суолтатынан биэс араастаах: миэстэ, кэм, буолуу, кээмэй уонна
    төрүөт сыһыата.

    Сыһыат бөлөҕө     Буолуу                Кээмэй

Хаачыстыба сыһ.:               Хайдах?           Төһө? Төһөтө?
буолуу, кээмэй.       Адьас, оргууй, үлтү,             Хаста?
Сыһыаны көрдөрөр:     нэһиилэ, кыратык,
миэстэ, кэм, төрүөт.  туруору, ийэлии,      Олус, наһаа, сүр,
                      эдэрдии, хайыта,      дэлэ, элбэхтик,
                      лыҥкыначчы.           биэстэ, иккиһин,
                                            аһара, балачча өр.

84
   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89