Page 83 - Саха тыла 7 кылаас
P. 83
көтөн тахса-тахса, умуллан-уостан хаалар. Ол оннугар үөлэс иһит-
тэн эмиэ, биһиги хаһан да умуллуохпут суоҕа диэбит курдук, өрө
үөмэлэһэн күндээрэ көтөн бараннар, нам түһэн бараллара. Чуолҕан
үүтүн курдук балаҕан муус түннүктэрэ, мааска хараҕын уотун кур-
дук, хабыс-хараҥа ортотугар кылаһан көстөллөрө.
Балаҕан таһыгар чугаһаан кэлэн көрдөххө, кубус-кураанах, им-
ньим, арай үөлэстэн тахсар кыым сырдыгынан кыһайан көрдөххө,
моойторуктаах хара ыт бөх үрдүгэр, титирээн ибигирии-ибигирии,
чоҥкуччу кырыаран сытарынан ыал олорорун быһыыта биллэр этэ.
(А)
1. Иккис холобурга баар аат тыллары уус-уран ойуулааһын-
нарын кытта уһул, ньыматын ый (эпиитэт, тэҥнээһин, мэ-
тээпэрэ, дорҕоон дьүөрэлэһиитэ).
2. Уһулбуккар тирэҕирэн тиэкиһи сиһилии кэпсээ.
169. Тиэкиһи салгыы суруй.
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р : оргууй, наһаа, онтон-мантан, ыраах,
тула, сарсыарда, холкутук, кэтэспиттии, үчүгэйдик, дьоллоохтук.
170. Маарыннаһар бэлиэни бул. Холобур, киһини уоскут —
саатат.
Оҕону сыллаа, маһы сууллар, уруоккун үөрэт, киһиэхэ кыыһыр,
бааһырбыты саһыар, тоһоҕону тарт, таҥаһы сараҕыт, куобаҕы ыт,
ыалдьыты күндүлээ, үчүгэйгэ дьулус.
171. Уус-уран айымньыттан ойуулааһын кэрчиги аах.
1. Киэһэрбит. 2. Күн дэриэбинэ кэтэҕэр тиийэн баран, «киириэх
бэйэм дуу, суох дуу» диэн саараҥнаабыттыы, тииттэр мутуктарыттан
тирэнэн, өрө биэтэйэн турарга дылы. 3. Киэһэрдэр да салгын ип-
итиинэн кууспахтыыр. 4. Алаас тула өттүттэн түптэ буруота унаарбыт.
5. Ынах үүрэр оҕолор хаһыылара, хотонноругар тахсыбыт дьахталлар
саҥалара чаҥкынаһаллар. 6. Ханна эрэ ыттар, аҕыйахта ньаҕыргыы-
ньаҕыргыы, хам бараллар. 7. Өтөр буола-буола матасыыкыл тыаһа
бирилиир. 8. Ону барытын тумнаран, атыыр оҕус көхсүн түгэҕиттэн
айаатыыра дөрүн-дөрүн лаҥкыныыр. 9. Бука, күөн көрсөөччүтүгэр
83