Page 78 - Саха тыла 7 кылаас
P. 78

161. Үлэлээ туохтууртан үөскүүр халыып арааһын оҥорон, тыл
          ситимин суруй (бөлөҕүнэн наардаа: тус туохтуур, аат туох-
          туур, сыһыат туохтуур, үлүбүөй туохтуур).

 162. Суруйааччы туохтуур халыыптарын хатылаан, утары туруо-
          ран туох истиилгэ туттарын, ханнык дэгэт сыһыаны үөскэ-
          тэрин быһаар. Итинник ньыманы туттан хоһоон суруйарга
          холон.

    Мин көрдүм доҕор өлүүтүн, Түөскэ табыллан охтон түһүүтүн; Мин
көрдүм фашист өлүгүн, Өстөөх хааныттан сүрэх үөрүүтүн. Мин өйдөөтүм
дьолтон долгуйууну, Мин өйдөөтүм сортон соҥуйууну, Мин санаатым
барытын, Мин сайыстым оҕо сааспын, Мин баҕардым күлүөхпүн, Мин
баҕардым ытыахпын... Көрөҕүөт, күн уотугар Тэрээк сүгэ килбэчийдэ,
Дьолломмут дэриэбинэ уһугар Дохсун тутуу тэнийдэ. Уруй, босхолом-
мут Ийэ сиргэ! Уруй, дьолломмут бар дьоҥҥо! (ТС)

 163. Урут сыһыат туохтуур сирэй сыһыарыылаах уонна сирэй
          сыһыарыыта суох туттуллуута туох суолталааҕын быһаар.
          Хардарыта солбуйдахха, туох уларыйыы тахсарый, ол та-
          быллар дуо?

    Хоммут санааларбын Хомуйа тутаммын Хоруоҥкалыы тиһэн
Хоһооммор холбуубун. Ыраас ыраларбын Ытыспынан сомсоммун,
Ыраас илиискэ Ыпсарабын, көтүтэбин. Сырдык иэйиилэрбин Сэ-
рэнэ тутаммын, Сипсийэн этэммин Сэгэрбэр аныыбын. Алыптаах
тыллары, Алмаастыы чочуйан, Анаммыт сиригэр Айхаллаан ыыта-
бын

                                                              (Изабелла Голокова, «СС»17.09.15)

78
   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83