Page 79 - Саха тыла 7 кылаас
P. 79

УЛАРЫЙБАТ САҤА ЧААСТАРА

22 §. Сыһыат — саҥа чааһа

164. Бэлиэтэммит тылга ыйытыыта туруоруҥ. Этии ханнык
         чилиэнэ буоларын быһаарыҥ. Икки столбик холобурун
         тэҥнээҥ.

Күнүс буолла.          Күнүс аһыыллар.
Улахан саҥа иһилиннэ.  Саҥа көрдүм.
Саҥа оҕо.
Уҥа кытыл.             Уҥа бар.
Манна сыыһа элбэх.     Сыыһа суруйдуҥ.
Туора киһи.            Туора ойдо.

    Хайааһыны быһаарар, ситэрэр уларыйбат саҥа чааһа сыһыат диэн
ааттанар. Сыһыат ханна? хаһан? хайдах? төһө? тоҕо? диэн ыйытыыга
хоруйдуур. Этиигэ кэпсиирэҕэ сыстар уонна үксүгэр сиһилии буолар.

    Холобур: Биһиги таһырдьа таҕыстыбыт. Ханна таҕыстыбыт? Таһыр-
дьа, миэстэ сиһилиитэ.

    Сарсын кэнсиэр буолар. Хаһан буолар? Сарсын, кэм сиһилиитэ.
    Эн аргыыйдык сылдьаар. Хайдах сылдьаар? Аргыыйдык, буолуу
сиһилиитэ.
    Дьоммун олус ахтабын. Төһө ахтабын? Олус, кээмэй сиһилиитэ.
    Түһүк, ахсаан, сирэй сыһыарыыларын ылыммат (уларыйбат), төрүт
эбэтэр үөскээбит олоҕунан туттуллар: Мин бүгүн барабын. Эн бүгүн
кэлиэҕиҥ. Кинилэр бүгүн бардылар.
    Сыһыат, сүнньүнэн, туохтууру, туохтууртан үөскээбит тыллары кытта
ситимнэһэр. Онуоха иннигэр сыста турар: чуолкайдык ааҕар, үөрбүччэ
бэлэхтээтэ, кыыллыы улуйар.
    Саха тылыгар төрүт олохтоох сыһыат элбэх. Холобур: адьас, арыый,
өр, олус, антах, урут, наар, аргыый, о.д.а.
    Ону таһынан сыһыат атын тылтан икки араас ньыманан үөскүүр.

                                                                                                       79
   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83   84