Page 77 - Саха тыла 7 кылаас
P. 77

Ханнык да омук дьылҕатын быһаарар Кини тылын баайа, кини ты-
лын күүһэ. Билэбин ийэ тылым илбиһэ, бэл диэтэр, Хагдарыйбыт
да маһы хаттаан көҕөрдөрүн. Тылыгар көрөбүн саха ууһуур-тэнийэр,
Үйэлэргэ баар буолар өлбөт өрөгөйүн. (МЕ)

       159. Инники үөрэппиккэ олоҕуран, табылыыссаны толор.

            Аат      Даҕ.  Тус  Аат Сыһыат Үлүбүөй
            тыл      аат   т-р
                                т-р т-р  т-р

Ыйытыы      ким?
            туох?

Суолта      барамай

Кэм         —

Ахсаан      б./э.

Сирэйэ      +

Тардыы      +
сыһыарыыта

Түһүк       +

Туһаайыы    —

Киэбэ       —

Көрүҥэ      —

Халыыба     —

         160. Тиэкиһи ааҕыҥ. Туохтуур туттулук халыыптарын бу-
                   лан, арааһын быһаар, этиигэ оруолун ырыт.

    Ханнык да киһини куттуур, долгутар быһыы саҥа көрүҥнэри, суо-
һардары ылыммакка, бастааҥҥытын курдук салгыы бардаҕына, кут-
танааччы эбэтэр долгуйааччы, киниэхэ күөнтээбит күүстүүн ыаллаһан,
сыыйа уоскуйан барар. Күөрэгэй лабааны тоһута-тоһута бөрөҕө бы-
раҕа, бөрө ону хабан ыларын, кыыһырарын көрөн саатыы олордо.
Хаппыт балыгыттан сиэтэ. Син биир бэрсибитим да иһин барбаккын
диэн, бөрөҕө тугу да биэрбэтэ, аҕыйах балык хаалбытын хоонньугар
уктан кэбистэ. Утатара олустаата да, таммах уу ылар сир суох. (ТС)

                                                                                                            77
   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82