Page 82 - Саха тыла 7 кылаас
P. 82
олоҕуттан, дьэ, аргыый туран кэллэ уонна ортобутунан аа-дьуо устан
ааста. 5. Оҕолор киэһэ аайы мустан мээчиктииллэр.
III. 1. Лөкүөрүйэ субу-субу көхсүн этиттэ, этиэх, саҥарыах буол-
бут тыллара төбөтүттэн көтөн хаалбыттара. 2. Сэттэтэ кэмнээн ба-
ран биирдэ быс. 3. «Ыраах Амычааҥҥа» сэһэммэр ити баар суол-
лары атыннык аттаран суруйбуппун. 4. Оҕус улахан харахтарынан
бөлтөөрүччү утары көрөн кэбиһэрэ. 5. Баһылайка оҕуһун сиэтэн бэрт
наҕыллык ыллык суолунан бара турбута. 6. Муустаах муора обур-
гу билбэтэхтии, мэлдьэспиттии эҥсэлийэр, мэҥилийэр. 7. Антон
эдьиийиттэн улаханнык хоргутта. 8. Куорат оҕотун сиэринэн икки
тылы булкуйан, арыт нууччалыы, арыт сахалыы саҥарар. 9. Уолат-
тар успуорт сахалыы ыстаныыларыгар тэ²нээхтэрин булбатылар.
10. Дьон-сэргэ улаханнык сэргээтэ.
Ситимнээх саҥа
УУС-УРАН АЙЫМНЬЫГА ОЙУУЛААҺЫН
ТЫЛЫН-ӨҺҮН УРАТЫТА
С¥БЭ
Íîðóîò êүүһý — êөìүөë êүүһý.
168. Тиэкистэри болҕойон аах, туох уратылаахтарын бы-
һаар. Ханнык айымньыттан быһа тардыыный?
I. Кыһын кэлэрин кытта хаар түстэ. Күн-дьыл кылгаата. Тым-
ныы тыал түстэ. Туманнаах буолла. Көтөр-сүүрэр уйатыгар саста.
Дьон-сэргэ халыҥнык таҥынна.
II. Кыһыҥҥы хараҥа киэһэ, муус маҥан хаар сабыылаах толоон
ортотугар саах сыбаахтаах саха балаҕана, туох эрэ курдук хараа-
ран, барыйан турара. Ол балаҕан үөлэһин иһиттэн, чочум буола-
буола, хатат уотун курдук кыһыл кыым, үөрбүт-көппүт курдук, өрө
82