Page 85 - Саха тыла 7 кылаас
P. 85
Миэстэ Кэм Төрүөт
Ханна? Ханан? Хаһан? Төһөҕө? Тоҕо? Туохтан?
Хантан? Төһө өр? Соруйан,
дьоҕойон, мээнэ,
Аара, бэттэх, Өтөр, хойут, кэнэҕэс кыыһырбычча,
уҥа, ыраах, илин, (ин), саас, күһүн, көрсүбүччэ,
иһирдьэ, тула, кыһын, сайын, кэлбиччэ, кыһыйан,
туспа, анараа, номнуо, сарсыарда, бостуой.
итинтэн, онно, күнүс, түүн,
онон, онтон, манна, саҥардыы, бүгүн,
манан, мантан, бэҕэһээ.
кэннигэр, кэннинэн.
172. Таабырыннаһыҥ. Сыһыаты арааһынан бөлөхтөөн уһул.
1. Үөһэ килбэс гынар, аллара налыс гынар баар үһү. 2. Таһыр-
дьа маныыһыт, иһирдьэ мааныһыт баар үһү. 3. Иннинэн-кэннинэн
тэбиэлэнэр эмньик кулун баар үһү. 4. Кыһын ампаарга сытар, са-
йын сыһыыга сылдьар баар үһү. 5. Хара ынах хаптаһыны хайа салаа-
быт үһү. 6. Сайыннары-кыһыннары уларыйбат кыыс оҕо баар үһү.
7. Сарсыарда түөрт атахтаах, күнүс икки атахтаах, киэһэ үс атахтаах
баар үһү.
173. Сыһыат арааһыгар түөртүү этиитэ толкуйдаан суруй.
174. Синиэньим сыһыаты наардаан уһул. Арааһын ый.
1. Адьас. 2. Олус. 3. Арааһа. 4. Аргыый. 5. Бары. 6. Биирдэ.
Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р : Арыычча, бадаҕа, бука, бүттүүн, бы-
тааннык, долуой, куучча, күргүөм, кыккыраччы, лөглү, налыччы, на-
һаа, наака, наар, олоччу, олох, олус, ончу, отой, өстүбэһи, соҕотох-
то, тиэрэ, тосту, туура, холкутук, чиэски, эмискэ.
175. Синиэньимнэһэр сыһыат арааһа туох дэгэттээҕий?
Араас истиилгэ, ол эбэтэр кэпсэтии араас түгэнигэр,
хайата дьүөрэтин быһаар.
1. Маатыралыыры отой (ончу, адьас, долуой, туура, тосту) сө-
бүлээбэт суолум / Үөһээ өһүөлээхтэр үлэҕит тэтимэ бытааран, ула-
хан тутууну атахтыырын олох (букатын) сөбүлээбэттэр. 2. Сип-си-
85