Page 97 - Саха тыла 7 кылаас
P. 97

— Туйгун Ньукулай уола, дорообото тут!
    — Ээ, дорообо, доҕор, Кэриир Кэрэмэс уола, дорообо туттара
турар эбиккин дуу? Һэ-һэ!
    — Хайа, доҕор, кэпсиэ! Сонун-нуомас баһаам ини?
    — Ээ, мин үлэттэн атыны билбэт киһибин. Эйиэхэ буоллаҕа дии,
киэҥ сиринэн сылдьар киһиэхэ...
    — Дьэ, диэмэ даҕаны. Олус бэркэ сылдьан кэллибит, ээ.
    — Дьэ, дьэ...
    — Сочилара диэн дойду ахан дойду эбит!
    — Буолумуна...
    — Ол эрээри итии да итии. Тымныыга үөрэммит киһиэхэ айыкка
эбит! Салгына сиигэ бэрт буолан, киһи наар тиритэ сылдьар. Муо-
рата абырыыр. Сөрүүкээн ылаҕын.
    — Загардаан хап-хара буолкун дии, ээ?
    — Оннук бөҕө... Һэ!
    — Тугу көрдүҥ уонна? Экскурсия баар сурахтааҕа...
    — Аһа, Абхазияҕа тахса сырыттыбыт, оптуобуһунан. Дьэ, кыр-
дьык, киһи былдьаһар дойдута... Хайалара үрдүгэ, күөҕэ. Айаннаан
истэххэ, муора анныгар нэлэһийэ сытара наһаа үчүгэй. Аны Пицун-
даҕа таарыйдыбыт ээ. Ол биһи сытар муорабыт диэн баара дуо?!
Уута ып-ыраас! Турар киһи курдат көстөр! Анна барыта ырылыччы
субу сытар! Аны сылааһа, ырааһа! Таас пляж кумахтааҕар ордук
эбит. Олох манна эрэ кэлиэххэ наада эбит, чуо!
    Онтон Сталин даачатыгар сырытыннардылар. Аскет киһи эбит
Сталиммыт. Олус боростуой, судургу оҥоһуулаах даача. Арай, миэ-
бэлэ сыаналаах мас үһү. Туох да оһуора, ойуута суох, көннөрү дар
мас. Баанната эмиэ наһаа судургу... Уопсайынан, тэп-тэп быһа
баттаан оҥорбут курдук. Биир бэйэм соччо астымматым. Итиччэ
кыахтаах киһи... Арай, турар сирэ мааны. Өссө кистэлэҥ дииллэр.
Хантан да көстүбэт, халыҥ ойуур хаххалыыр.
    — Эчи хаарыаны... Эн буолбут киһи!
    — Һуу, өссө да элбэх буоллаҕа көрбүтүм. Чэ, кэлин өссө кэпсиэм.
Эн да бар, ээ. Эһиил айаҥҥын төлөттөр да, бар!
    — Бээ, оннук да гыныллыа!
    — Оннук-оннук, сири-дойдуну к³р³н хаалар туох ку´а±аннаах
буолуой?! Ки´и сэргэхсийэр, сынньанар. Чэ, кытаат.

                                                                                                            97
   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102