Page 101 - Саха тыла 7 кылаас
P. 101

киин уонна арҕаа (өттүгэр — өттүлэригэр) ардыаҕа. 7. Уруучукам
остуол да, паарта да (анныгар — анныларыгар) суох этэ.

         205. Этиини көннөрөн суруй. Маннык алҕас тоҕо тахсарын
                   быһаар.

    I. Наада буолбат дьөһүөлү көтүтүҥ: 1. Коля мин туспунан билэр.
2. Оҕо төрөөһүнэ элбээн быраастар элбэх үлэни кытта көрүстүлэр.
3. Санааҕын кытта үллэстэргэр көрдөһөбүт. 4. Сир-дойду иччитэ
бэйэтин кытта эйэҕэс сыһыаны эрэйэр. 5. Ыраас таптал иннигэр сү-
гүрүйэбин. 6. Бу уол эн тускуттан хойутаата. 7. Нолуокка уларытыы
туһунан сокуонунан эрэ быһаарыллар. 8. Куурусса оҕотун туһугар
олус кыһаллар көтөр. 9. Миэхэ утары баран өйөөтө.

    II. Ханнык дьөһүөл көппүтүн толкуйдаан эбиҥ: 1. Киһи аймах
олоҕо айылҕаттан ыкса сибээстээх. 2. Атас туһугар атах тостор
диэн өс хоһоонун сөбүлэһэҕин дуо? 3. Хотону тутуу боппуруоһугар
кэпсэтиэхпит. 4. Алгыс арааһыгар лиэксийэ аахтылар. 5. Электро-
энергия төлөбүрүгэр кэпсэттилэр. 6. Бииргэ үлэлээһиҥҥэ эттэххэ,
ити кыаллар суол. 7. Оттон ыарахаттарга эттэххэ, маннык. 8. Эһиэхэ
Алтан Сарыны кэпсиэхпин баҕарабын. 9. Дириэктэр кытаанах миэ-
рэни ыларга санаатын эттэ.

    III. Дьөһүөл суолтатын сыыһа туттубуттарын сөптөөх тылы бу-
лан солбуйуҥ: 1. Оҕону утары буруйу оҥоруу күннэтэ элбии турар.
2. Билигин үстэн үөһэ оҕолоох ыал элбэх оҕолоох ыалга киирсэр.
3. Таҥас нөҥүө этэ көстөр, эт нөҥүө уҥуоҕа көстөр, уҥуох нөҥүө
силиитэ дьалкыйар.

         206. Этии дьөһүөллээх уонна дьөһүөлэ суох барыйаана туох
                   атыннааҕын, хайатын ханна туттар дьүөрэтин толкуй-
                   даа.
                   Х о с б ы һ а а р ы ы : Сорох дьөһүөл суолтата түһүк сы-
                   һыарыытыгар синиэньим буолар. Оннук түбэлтэҕэ дьө-
                   һүөллээх этии дакылаакка, дьыала, билим истиилигэр
                   дьүөрэ. Күннээҕи кэпсэтиигэ түһүк сыһыарыыта ордук
                   туттуллар.

    1. Ийэ (дойдубар — дойдум туһугар) олохпун да биэрэргэ бэ-
лэммин. 2. Мин (туох иһин — тоҕо) бачча сордоннум? 3. Дьокутаат
(быыбардааччыларыгар — быыбардааччыларын иннигэр) отчуоттаата.

                                                                                                          101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106