Page 103 - Саха тыла 7 кылаас
P. 103

төрөөн баран, дьоллоохтук олорон ааһыы буолар. Ханна баҕарар
киһи дууһата ыраас, санаата баай буолуохтаах.

    Бааллар олоҕу отой сыаналаабат, муус сүрэхтээх бүтэй дьон,
тоҕус муҥур моһол суолун тутуһан эрэйгэ-кыһалҕаҕа ылларбыт
дьон, сарсыҥҥыны санаабакка күннээҕинэн олорор дьон. Кинилэри
аһыныахха сөп. Элбэҕи билбэккэ, олох үчүгэйин мүччү туппуттарын.
Олохторун ый ыһыаҕа оҥостон оонньуу-күлэ сылдьан, куһаҕан дьал-
лык маҕалайыгар киирэн биэрбиттэрин.

    Өйдөөн көрүҥ: эдэр киһи олоҕо уһун, өссө да 40—50—60 сыл.
Ол тухары оннун-туойун булбакка, муннугу-ханныгы кэйэ сылдьар
кэрэгэй кэскилин. Таптыыр кыыһын оннугар арыгылаах бытыылка-
ны бобо кууспут эдэр уолу! Олорор дьиэ сылааһын, төрөтөр оҕо
минньигэһин билбэтэх хатырбыт сүрэхтээх киһини! Өйдөөн көрүҥ:
аатын ааттатар ыччата суох силистиин-мутуктуун симэлийэр кыр-
дьаҕас ыар дьылҕатын!

    Биирдэ кэлбит олоҕу киһи кэминэн, саха үгэһинэн сиэрдээхтик
олорон ааһыахха! Ол туһугар сүүрүк хоту устубакка, олоххо дьулуур-
даах буолуохха!

                                                                                («Эдэр саас» хаһыаттан)

   · Суолтатын быһаар, синиэньимнэ бул. Тиэкистэн бу тыл тут-
               туллар этиитин аах.

    Кэм-кэрдии, бүтэй дьон, муҥур моһол, ый ыһыаҕа, дьаллык,
маҕалай, муннугу кэйэ сылдьар, кэрэгэй, бобо кууспут, хатырбыт
сүрэх, сүүрүк хоту.

         208. Тойоннооһун ханнык истиилинэн суруллубутун бы-
                   һаар. Дакаастаа.

    I. «Саха оҕуһун мииннэ да — ырыаһыт» дииллэр. Саха — бэртээхэй
импровизатор. Бу ыччат хааныгар баар быһыылаах. Билигин мэлэ-
дьиис да элбэҕэ ону кэрэһилиир. Ол эрээри норуот үгэһигэр олоҕу-
ран үлэлээбэт буоллахха, үгүс үтүө үгэс быстан хаалыан сөп.

    «Саха оһоҕун иннигэр олордо да — бөлүһүөк» дииллэр. £бү-
гэ куосумас далааһыннаах бөлүһүөпүйэлээх эбит. Олоҥхо — сүдү
бөлүһүөпүйэлии айымньы. Баҕар, хаһан эмэ «Саха бөлүһүөпүйэтэ»
эбэтэр «Саха бөлүһүөпүйэтин тылдьыта» диэн кинигэ баар буолуо.
Норуот сүдү духуобунай култуурата түмүллүөхтээх. (ВС)

                                                                                                          103
   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108