Page 102 - Саха тыла 7 кылаас
P. 102

4. Мунньах икки (чаас — чаас устата) барда. 5. Ити сонуну (хаһыаттан —
хаһыат нөҥүө) билбиппит. 6. Ийэм мин ханна (барбыппын — барбытым
туһунан) ыйытар. 7. Биһиэхэ билигин икки эдэр учуутал (хантыраак
быһыытынан — хантыраагынан) үлэлиир. 8. Хаһаайка биһиэхэ орон
(оҥорбутун туһунан — оҥордум диэн) эттэ. 9. Табаарыһым ыһыахха
(сылдьыбытын — сылдьыбытын туһунан) суруйбут. 10. Бүддьүөккэ хар-
чы тиийбэт (түбэлтэтигэр — буоллаҕына) бу ыстатыйа сотуллар.

                         Ситимнээх саҥа

                   АРААС ИСТИИЛИНЭН ТОЙОННООҺУН

                                      С¥БЭ

        Óîë îҕî òөðөөòөҕүíý, ñóîð үөðýð.

         207. Тойоннооһун тиэкиһи аах. Былаанын оҥор. Ааптар ис-
                   тиилин тутуһан ис хоһоонун кэпсээ.

                    ОЛОХХО ДЬУЛУУРДААХ БУОЛУОХХА

    Ама, ким таптаабат буолуоҕай төрөөбүт төрүт буорун, оҕо сааһа
ааспыт ытык буорун? Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы төрөөбүт дой-
дуҥ ордук тардыылаах, ордук күндү буолан иһэр.

    Туох барыта кыраттан саҕаланар. Кыраттан саҕаланан, мас силиһин
курдук модьураан, силигилээн барар. Оччоҕуна, били этиллэрин кур-
дук, силистээх-мутуктаах, төрдүлээх буолаҕын, туох даҕаны ыарахат-
тартан толлон турбаккын. Эбэтэр төттөрүтүн, ситэри силигилээбэккэ,
быстан-охтон, өлөн, симэлийэн хаалыаххын сөп. Ол төрдө-төрүөтэ ба-
рыта быстах санааттан-онооттон, уһуну-киэҥи толкуйдаабаттан тахсар.

    Бу күн сирин үрдүгэр киһи биирдэ төрөөн, олох олорон ааһар.
Олох... Олох суолтатын өйдүүр дьон бука бааллара буолуо. Олоҕу
олоруу диэн бэйэтэ туспа дьол. Олоҕу сатаан олоруохха наада.
Ол аата төһө кыалларынан үчүгэй өттүгэр тардыһыы, сиргэ биирдэ
102
   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107