Page 105 - Саха тыла 7 кылаас
P. 105
Иһимэҥ —
Инчэҕэй эттээх иирэр аһылыгын,
Утахтанымаҥ —
Уйулҕа көтөр уохтаах уутунан,
Түҥнэри анньыҥ — төлкөҕүтүн түстээҥ,
Киэр илгиҥ — кэскилгитин кэрбээмэҥ!
(Жанна Макарова, 7 кылаас)
210. Тойоннооһун ханнык истиилинэн суруллубутун бы-
һаар. Дакаастаа.
I. «Кус сүрэх» ити тыллар мин сүрэхпин сытыы кылыс буолан
тэһитэ кэйэллэр. «Кырдьык, куттаҕас — кус сүрэх. Бэйэ эрэ тыынын
тэскилэтэн, кутталга, өлүүгэ табаарыспын соҕотохтуу бырахпыппын.
Оттон Алик куттамматах дии... Оо дьэ, саат... Өссө бастыҥ бок-
суор... Чөмпүйүөн... Хайдах гыныахха?.. Оҕолорго кэпсиэххэ дуо?
Кинилэр, арааһа, билбэт эбиттэр. Оччоҕуна, Алик эмиэ билбэккэ
хааллаҕа. Кистиэххэ, этимиэххэ... Ким даҕаны билбэтин, куттас кус
сүрэх — мин куоппуппун. Билиннэхпинэ, бары киэр хайыһыахтара,
миигиттэн бары кэлэйиэхтэрэ...
Ол түүн харахпын кыратык даҕаны симмэтим. Харахпар умса
ууруммут хоттуустаах, кэтит сирэйдээх киһи бу көстө турар. Тоҕо ох-
субатах бэйэбиний?! Оо, чахчы кус сүрэхтээх киһибин... Өссө бүгүн
куоппуппун, табаарыспын өлүүгэ бырахпыппын дьонтон кистээтим.
Уонна бар дьонум сирэйин хайдах утары көрөбүнүй?.. Кус сүрэхтээх
хоргус киһи — мин бүгүн табаарыспын түһэн биэрэбин... Онтон...
онтон сарсын норуоккун, төрөөбүт дойдугун түһэн, таҥнаран биэ-
риэҥ. Суох!.. Дьиҥнээх киһи туохтан да толлубат, хорсун, эр санаа-
лаах буолуохтаах... Буруйу-аньыыны эрдэтинэ билиниэххэ...»
(ВС)
II. Ыытыллыбыт чинчийии түмүгүттэн көрдөххө, тас сахалар тыл-
лара-өстөрө лаппа уратылаах эбит. Оннук буолара биллэр төрүөт-
тээх. Бииринэн, манна сахалыы үөрэх, сурук, бэчээт, литэрэтиирэ
тэнийбэтэх. Онон литэрэтиирэлии тыл сабыдыала тиийбэт буолан,
урукку кэпсэтии тыла сайдыбакка, уларыйбакка сөҥө сытар. Ик-
киһинэн, тас сахалар атын омуктар (нууччалар, эбэҥкилэр, эбээн-
нэр уо.д.а.) ортолоругар олорон, тылларыгар ыаллыы норуоттартан
105