Page 99 - Саха тыла 7 кылаас
P. 99
Дьөһүөл үөскүүр ньымата
Төрүт дьөһүөл Үөскээбит дьөһүөл
Аайы, ахсын, диэки, Ааттан: иһигэр, таһыгар, иннигэр,
диэри, дылы, иһин, кэннигэр, ортотугар.
курдук, тухары, Туохтууртан: ааһан, быһа, тахса, тиийэ,
устун, хоту, иннинэ, кытта, ыла, сырса.
кэннэ, кытары. Сыһыаттан: тула, утары, ордук, нөҥүө,
үөһэ, антах, бэттэх, уҥуор.
Дьөһүөл түһүк сыһыарыытын суолтата суолталаах. Ардыгар
түһүк оннугар туттуллар, түһүгү солбуйар: Биир күҥҥэ (күн
устата) уларыстым. Остуолга (остуол үрдүгэр) турар. Уйбаан-
ныын (Уйбааны кытта) кэпсэттим.
Дьөһүөл элбэх араас суолтаны бэлиэтиир: миэстэ, хайысха,
кэм, тэҥнэбил, төрүөт эбэтэр сыал-сорук, араарар, холбуур,
о.д.а. Холобур: ыскаап кэннигэр турар (миэстэ), уруок кэн-
нигэр буоллар (кэм), дьиэ кэнниттэн таҕыста (хайысха), сир
ахсын (миэстэ), күн ахсын (кэм), оскуолаҕа диэри (миэстэ),
өлүөхпэр диэри (кэм), оҕоҕо дылы (тэҥнэбил), оҕотун кыт-
та (холбуур), оҕоттон ураты (араарар), оҕотун туһугар (сыал),
оҕотун иһин (төрүөт).
Дьөһүөл иннигэр турар аат ханнык түһүккэ турара дьөһүөл
суолтатыттан тутулуктаах буолар, ол аата дьөһүөл ааты салайар.
Xолобур: кулууп иһигэр, кулуупка диэри, кулуубу кытта, ку-
лууптан ыла.
201. Аах. Ыйытыы туруоран, бэйэмньи суолталаах тылы
уонна дьөһүөлү араар. Дьөһүөл суолтатын эт.
1. Ол кэмтэн ыла үгүс сыл уу сүүрүгүн курдук устан ааста. Ол
тухары киниттэн биир да суругу ыла иликпин. 2. Оскуолаттан биэс
үөрэнээччи Дьокуускайга көмпүүтэр күрэхтэһиитигэр кытта бар-
да. Кинилэри кытта тириэньэрдэрэ Валерий Куприянович барар.
3. Сүүрбэттэн тахса киһи оптуобус күүтэн олорор. Оттон оптуобуста-
ра куораттан тахса илик. 4. Оҕонньор суолу быһа ону-маны кэпсии
испитэ. Киһи саҥара турдаҕына, быһа түһүмэ. 5. Коля хос иһиттэн
99