Page 137 - Саха тыла 7 кылаас
P. 137
СОМОҔО ДОМОХ
Ааннарын саппат буолла. Субу-субу сылдьар буолла.
Аҕатын туйаҕын хатарбыт. Үчүгэй өттүнэн аҕатын курдук буолбут.
Аҕыс айдаанынан. Элбэхтик айдаарсан, кэпсэтэн, эрэйдэнэн.
Айаҕа хараарар (кытарар, оҥойор). Мэлдьэһэр, ончу билиммэт,
элбэхтик саҥарар, айдаарар, этиһэр.
Айахха киирбиччэ. Толкуйдаабакка саҥарар.
Ала кулуну төрөппүт. Дэлби тоҥмут.
Аллараа (алын) сыҥаах буол. Этиһэр киһиэхэ туораттан көмө буол.
Атаҕа (уллуҥаҕа) сири билбэт буолбут. Олус үөрбүт.
Бас баттах. 1. Түбэһээрэй, толкуйдаабакка, солуута суох (саҥарыы).
2. Мээнэ (барыы). 3. Киһи тылын истибэккэ, көҥүл барыы, мэник,
бардам быһыы.
Баһын батар. Киэр гын, тэйит, оннун буллар.
Билэр күөлүм балыга. Кинини баҕас үчүгэйдик билэбин диэн сэниир
эҕэлээх этии.
Биһикпин ыйаабыт сирим. Үчүгэйдик билэр сирим
(төрөөбүт-үөскээбит дьиэм таһа).
Биир угунньаҕа укта. Барыларын кыайталаата, ыксаталаата; мөхтө,
сэмэлээтэ.
Быаргын тарбаа. Күл, күлүү гын.
Былыттаах халлааҥҥа быкпат. Олус атаахтык иитиллибит.
Быта да суох. Туга да суох.
Бытыгын тыытыма. Кыыһырдыма.
Бэйэ бодоҕун билин. Кыаххын билин.
Бэлэс анньан көрөр. Үтэн-анньан көрөр.
Даамын биэрдэ. Хотторон, кыайтаран, бас бэриннэ.
Диэмэ даҕаны. Саамай сөпкө этэҕин.
Диэххэ айылаах. Сөпкө этэҕин.
Долоҕойгор тохтот. £йдөөн, болҕойон иһит.
Дугдуруй да сутурҕаа. Саҕалаатыҥ да онтугун оҥор.
Дууһатын туттарбыт. Сөбүлээбит, таптаабыт, кутун туттарбыт, олус
убаммыт.
Дьаабытыттан ааспыт. Куһаҕан, түктэри буолбут.
Дьиэ эргиннээҕи. Боростуой, мара, чугас эргин, ыал аайы баар.
Дьыбардаахха саҥарда. Сэрэммэккэ, куттаммакка, туттуммакка
саҥарда.
Дьылга ылларда. Сутаата, тиийбэт-түгэммэт буолла.
Дьэбин уоһуйбут. Олус кыыһырбыт.
Икки ардыларыгар уу тэстибэт (тохтубат). Улахан доҕордуулар.
137