Page 140 - Саха тыла 7 кылаас
P. 140
Харахта симнэ. Синэ биир диэн харса суох санааны ылынан туохха
эмэ сорунуу.
Харах тэстэринэн айанныыр. Олус түргэнник айанныыр.
Чуурун биэрдэ. Иннин биэрдэ, бэриннэ, утарыласпат буолла.
Чыып диэмэ (дэтимэ). Букатын саҥарыма (саҥардыма).
Чыычаах үүтэ эрэ суох. Саха саныыра барыта баар.
Ый-күн ыһыаҕа (оҥор). Ыс-тох, матайдаа, бүтэр.
Ыкка биэрэр. Букатын сирэр.
Ыстыыр ыас оҥостор. Наар сэмэлиир, үөҕэр, хомуруйар, элэктиир.
Ыт атаҕын туппут. Маппыт, мэлийбит, кураанаҕы кууспут.
Ыт атах. Ыараабакка, түргэнник, чэпчэкитик кэлэр-барар, хаамар-
тан-сүүрэртэн сылайбат.
Эппэт кэлэҕэй буолла. Улаханнык куттанан саҥатыттан матта.
Эппэтэҕэ диэйэҕин. Туох буолуон эрдэттэн сэрэтии.
Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит (киһи). Сытыы-хотуу киириилээх-
тахсыылаах.
Эрдэ-сылла. Эрдэтинэ, туох эбит буолуон иннинэ.
Этин ыт сиэбэт буолбут. Олус сылайбыты, илистибити этэллэр.
Этэн баран төннөр. Толлубакка, куттаммакка, кыбыстыбакка санаатын
этэн араҕар.
Ээҕи кытта сылдьар. Утарбакка, мэлдьи сөбүлэһэр.
140