Page 3 - Саха тыла 7 кылаас
P. 3

ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ — САЙДЫЫ ТӨРДӨ

           1. Аах. Төрөөбүт тыл тоҕо сайдыы төрдө буоларын быһаар.

    Төрөөбүт тыл киһиэхэ өбүгэлэр үйэлэргэ муспут баай уопутта-
рын, үөрэҕи, билиини кэбэҕэстик ылар сүдү суолталаах үстүрүмүө-
нүн кэриэтэ. Ханнык баҕарар тыл уонна култуура тыыннаах хаалар,
салгыы сайдар кэскилэ, омук имниин эстибэт суола оҕону уу ньи-
рэй сааһыттан төрөөбүт тылынан иитии, үөрэтии буолар. Төрөөбүт
тыл — сайдыы төрдө, киһи аймах култуурунай сыаннастарын тү-
мээччи.

    Чех омук улуу педагога Ян Амос Коменскай оҕо төрөөбүт тыл кө-
мөтүнэн эрэ киһилии иитиллэн тахсыахтааҕын өссө 17-с үйэҕэ ыйбыта.
Кини: «Ыччаты оскуолаҕа хара бастакыттан төрөөбүт тылынан үөрэт-
тэххэ эрэ, билиини иҥэриэххэ сөп», — диэбитэ.

           2. Аах. С.А. Новгородов ыра санаата төһө туолбутун
                   кэпсээ.

    Сахаттан бастакы тыл үөрэхтээҕэ Семён Андреевич Новгородов,
1913 сыллаахха Петербурдааҕы университекка үөрэнэ сылдьан, но-
руодунай учууталлар Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэстэригэр «Са-
халар тустарынан кылгас сибидиэнньэлэр, кинилэр оскуолалара
уонна үөрэххэ бырааптара» диэн тиэмэҕэ дакылаат оҥорбута. Бу
дакылаатыгар оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтэн-иитэн таһаарар саха
төрүт оскуолатын аһыы, саха тылынан тахсыахтаах үөрэх кинигэлэ-
рин үбүлээһин туһунан сытыытык эппитэ.

    Кини төрөөбүт тыл күүстээҕин, хайа да билими (науканы) бу
тылынан баһылыахха сөп диэн ыйбыта. Норуот үөрэҕириитэ оскуо-
ла бары кэрдииһигэр саха тылынан барар толору кыахтааҕын сиэр-
дээхтик бэлиэтээбитэ. Онон төрөөбүт тылынан үөрэммэт буоллахха,
саха омук кэскилэ сарбылларын саамай сөпкө сыаналаабыта.

                                                                                                              3
   1   2   3   4   5   6   7   8