Page 6 - Саха тыла 7 кылаас
P. 6
9. Бу маллары билэҕин дуо? Туох идэлээх дьон тутталларын эт.
1. Чочу, чүүччү, ыһыы, бүргэс, кытаҕас, кыстык, өтүйэ, хатат, усту-
руус, игии, эрбии. 2. Ыҥыыр, иҥэһэ, холун, сулар, үүн, тэһиин, ын-
дыы, дэйбиир, көнтөс, бото, бэрэмэдэй, чаппараах, кычым. 3. Туу,
муҥха, илим, күөгү, оҥочо, эрдии, тыы, куйуур, ардьаах, баҕадьы.
4. Дьабака, чомпой, халпаак, моойторук, кэһиэччик, халадаай, ба-
һырҕас, күрүмэ, түнэ, сарыы, саары, иҥиир.
10. Тиэкискэ аатта биэр. Булт тэрилин төһө билэргин кэпсээ.
Тэптиргэ — куобаҕы бултуур тэрил. Арыт саһыл да иҥнэр. Булт
тэриллэриттэн саамай эрэбиллэрэ. Тэптиргэҕэ иҥнибит куобаҕы
сиэҥ сиэбэт. Тэптиргэ тээбириннэрэ: туһах, хандаа, иэдэс мас,
ачаах уонна тэптиргэ сиһэ (синньигэс титирик сиэрдийэ). Маҥнай
куобах ороҕун ойоҕоһунан тэптиргэ ачааҕын туруоруллар. Онно
тэптиргэ сиһин биллэҕиннэри ууруллар. Сис синньигэс өттүгэр хан-
даа быатын кылгас гына баайыллар. Хандаа аллараа өттүгэр туһах
төрдүн баайыллар. Хандаа кэрдииһин иэдэс мас кэрдииһигэр төлө
барар гына этэрдиллэр. Орох нөҥүө өттүгэр күөйэ мас анньыллар.
Куобах хайаан да иҥниэҕэ.
11. Тиэкискэ аатта биэр. Тµ³лбэ тыллар суолталарын бы´аар.
Куочаанай устунан саппыкытын кэтэн дьороо²²о киирдэ. Уу
тµгэ±э муус буолан, олус халтархай. Уол харыалларын иккилии
гына-гына туруортаата. Онтон кытыыга тахсан, дьисээккэтигэр
луо±аны µргээн, тыал µрбэт гына кыбыталаата. Со±уруу диэкиттэн
икки кунньалгы к³т³н кэлбитин ыппата. То±о да ытыай — андылар
тµ´µ³хтэрэ дии бу ууга.
Т у ´ а н ы л л а р т ы л л а р : у´ун саппыкы, куруму, к³лµччэ,
к³лµйэ, хоруол, мончуук, дурда, сэ´ээккэ, ла²ха, сэтиэнэх, кур
от, моонньо±он.
12. Сомоҕо домох суолтатын быһаар, 3 этиитэ суруй.
Ааннарын саппат буолла; курдаттыы тартарар; икки ардыларыгар
уу тэстибэт (тохтубат); күөх оту тосту үктээбэт (оҕо); уот ылар кур-
дук; саарытын астарбыт; муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан;
харах тэстэринэн айанныыр.
6