Page 9 - Саха тыла 7 кылаас
P. 9

19. Арпагыраамалаах тыллары бул уонна быһаар.
    Хаамаллар, кус, ыт, ыраах, Мэҥэ Хаҥалас, суоллаах, үс, биэс
уон, сүүсчэ, суруй, толортор, суотчут, аппа, кэл, сит, Ил Дархан,
бэрэссэдээтэл.

          20. Табаарыстаргын кытта күрэхтэс. Ким түргэнник сыыһа-
                   ны булан көннөрүөй?

    Атаха билэрбит. Бэҕэһээҥи бэтэнээски. Баһын салайдыҥ, куту-
ругуҥ суптуйдун. Хайа охсубут аҥара, быһа охсубут бысаҕаһа бол-
бут. Уус-Алдаҥҥа тиийиэгим. Якутскай куорака автобус элбэх. Мии-
гинник киһи кыайыа сох.

          3 §. Тыл үөрэҕин салаалара:
            сиинтэксис, морполуогуйа

                         Сиинтэксис уонна сурук бэлиэтэ

          21. Ыйытыыга хоруйдааҥ уонна дьүүллэһиҥ.
    1. Сиинтэксис диэн туох үөрэҕий?
    2. Тыл ситимэ этииттэн туох уратылааҕый?
    3. Судургу этии холбуу этииттэн туох атыннааҕый?
    4. Этии ойоҕос чилиэннэрэ этиигэ туох суолталаахтарый?
    5. Сурук бэлиэтин төһө билэргин быһааран кэпсээ.
    6. Интэнээссийэ сурук бэлиэтэ турарыгар суолталаах дуо?

  22. Дьыктаанна суруй. Этиилэри тыл ситимнэригэр араар.
    Лаана ийэтигэр элбэҕи көмөлөһөр. Иһити кылбаччы сууйар,

кыра быраатын оонньотор. Сороҕор маҕаһыынтан килиэп, арыы
атыылаһар.

          23. Сурук бэлиэтин туруор. Этиилэри оҥкулга тирэҕирэн ырыт.
    Кытылга киһи-сүөһү элбээбит. Тэлиэгэ аттаах таһаҕастаах уонна
сулумах дьон борохуот кэлэрин көһүтэллэр. Массыыналар таһаҕас

                                                                                                              9
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14