Page 12 - Саха тыла 7 кылаас
P. 12

Литэрэтиирэлии саҥа холобурун норуот тылынан уус-уран
        айымньытыгар уонна саха тылын үчүгэйдик билэр, уу сахалыы
        тыллаах-өстөөх дьон этэр-тыынар кэмнэригэр истэн дуоһуйабыт.

            Литэрэтиирэлии тыл нуорматын тутуһан саҥарыы, суруйуу,
        тыл баайын билэн сатаан туһаныы тыл култуурата дэнэр.
        Тыл нуорматын кэһии, ол аата тыл култууратын өйдөөбөт, аах-
        сыбат түбэлтэ олоххо үгүстүк көстөр. Ол түмүгэр тыл сыыһы-
        рар, киртийэр, суруйарга, саҥарарга толоос, олурҕа, киһи
        өйүгэр кыайан түһэ охсубат буолар, мөлтүүр, сымсыыр. Онон
        тыл култууратын билэргэ, үрдэтэргэ кыһамньы, анаан-минээн
        үөрэнии, эрчиллии мэлдьи наада.

          28. Аах, киирии тыллары булан, тыл култууратын тутуһан
                   уларыт. Эн маннык саҥарааччыгын дуо? Туох сыыһа
                   баарый?

    I. Родной язык уруога, большой перемена, якутскай литерату-
ра, рисование уруога, русскай учуутала, книжнай полка, сказуемай,
учительскай хос, Полярнай звезда.

    II. Маннык таһымнаах соревнованиеҕа урут кытта иликпит. Пер-
вэй миэстэни ылыахпыт диэн эрэнэр этибит. Куоталаһыы участ-
никтара кытаанах отбору ааспыттара. Кинилэр үчүгэй подготов-
калаахтара тута көстөр. Саха сиригэр дуобакка күрэхтэһии үрдүк
уровеҥҥа тахсан эрэр. Ол курдук үгүс оройуоннартан улахан дьон
активнай кыттыыны ыллылар. Инники өттүгэр көлүөнэнэн көрсүһүү
традиционнай буолуо диэн эрэнэбит.

                                                                                   (Араадьыйа биэриититтэн)

                                      С¥БЭ

        Áèëèҥҥè ñàõà òûëûãàð íóó÷÷à òûëûí òóòòóó îëóñ ýëáýõ. Үãүñ
   òүáýëòýҕý îë îëîõïóò óëàðûéà, ñàéäà òóðàðûí êөðäөðөð. Îë ãûíàí
   áàðàí ñàõà òûëûãàð îëîõñóéáóò, áàð äüîí áèëýð òûëà áààðûí
   үðäүíýí íóó÷÷àëûû òûëû òóòòóó, êûáûòûû òөðөөáүò òûëû үòүðүéýð,
   ìөëòөòөð, òûë êóëòóóðàòà íàìûһàҕûí òóîһóëóóð.

12
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17