Page 16 - Саха тыла 7 кылаас
P. 16
33. Туохтуурдары бул, ханнык бөлөххө киирэллэрин быһаар.
Иккиэн араа-бараа да буолларбыт, уолум, миэхэ холоотоххо,
нууччалыы үчүгэйдик саҥарар, саамай кылаабынайа, сүүһүнэн киһи
ортотугар бэйэтин биллэрэр курдук кыанар, күүстээх-уохтаах. Та-
баҕы тарпаппыт, атыттар табаҕа суох эрэйдэнэллэрин көрө-көрө
аһынабыт. Нэдиэлэҕэ биир хаа мохуорка биэрэллэрин, хата, килиэп-
кэ атастаһабыт. Сержаннар элбэх киһини кэккэлэһиннэрэ туруоран
баран сүүртэхтэринэ, Уйбааным барыларын куоталыыр.
... Арай биир дьиэттэн аптамааттаан тачыгыраттылар. Буулдьа
ыйылас. Мин ол аайы ньыкыс гынан ылабын, санаабар, аһаран биэ-
рэр курдукпун.
(Александр Васильев—Көрдүгэн,
«Саха саллаата Сэмэн Кондратьев»)
34. Тыаһы үтүктэр, дьүһүннүүр туохтуурдары булан араас-
тарын ый. Ханнык айымньытын, ким суруйбутун эт.
Тиэкискэ аатта биэр.
Туораах кыараҕас харахтарынан ырыаһытын көрбөхтүүр, кыракый
кулгаахтарын чэрэҥнэтэр, эҕэ-дьэҕэ буолар. Атын кутуйахтар Туо-
раахха көҕүйбүт курдук, тула сыбдыгыраһаллар, быыстала суох чы-
быгыраһаллар. Биир кутуйах Күөрэгэй сыгынньах атаҕар тирк гына
ойон таҕыста, онуоха кыыс соһуйан, атаҕын сулбу тардан ылла. Ку-
туйах, охтон таралыс гынаат, ойон турда, төбөтүн өрө чолос гыннар-
да, хатаннык чыбыгыраата, бука, үөҕүстэҕэ буолуо уонна, атаҕас-
таммыт киһи быһыытынан, хотон диэки дьөгдьөрүйэ турда.
35. Ытыҥ оҕотун биитэр куоскаҥ туһунан тыаһы үтүктэр,
дьүһүннүүр туохтуурдары туттан тэттик кэпсээннэ суруй.
36. С³бµлээн к³р³р сахалыы киинэ±иттэн тыа´ы µтµктэр уонна
дьµ´µннµµр туохтуурдардаах этиилэрдэ холобурдаа.
37. «Кэскил» ха´ыаттан дьµ´µннµµр уонна тыа´ы µтµктэр туох-
туурдардаах этиилэри булаттаа, бэйэ² эмиэ ту´анар буол.
16