Page 21 - Саха тыла 7 кылаас
P. 21

8 §. Туохтуур туһаайыыта

    Туһаайыы сыһыарыытын көмөтүнэн көспөт туохтуурдар көһөр суол-
таланаллар. Туһаайыы диэн хайааччы уонна хайанааччы сыһыаннарын
көрдөрөр туохтуур көстүгэ (категорията) ааттанар. Ону судургу хайааһын
кимиэхэ, туохха туһуланарын көрдөрөр халыып (форма) дииллэр.

          Туохтуур туһаайыытын үөскээһинэ

         Туһаайыы      Сыһыарыыта                 Холобур
Төрүт                          —        Утуй, көр, тур.

Дьаһайар           -ыар, -т, -ар, -тар  Утут, көрдөр,
                                        туруортар.

Бэйэни             -н                   Көрүн, сурун.

Холбуу             -с, -сыс             Булус, көрүс, тутус.

Атынтан            -н, -ылын            Көрүлүн,
                                        туруорулун.

    Төрүт – хайааччы хайааһыны тус бэйэтэ оҥорор.
    Атынтан – хайааччы атын барамайынан хайанарын көр-
дөрөр.
    Дьаһайар – хайааччы хайааһыны тус бэйэтэ оҥорбот, атын
барамайынан оҥорторор.
    Бэйэни – хайааччы бэйэтин хайанарын эбэтэр бэйэтигэр
оҥосторун көрдөрөр.
    Холбуу – хайааччы хайааһыны атыттары кытта холбоһон
эбэтэр хардарыта оҥорору көрдөрөр.
    Х о с б ы һ а а р ы ы : сорох туохтууртан туһаайыы барыта
кыайан үөскээбэт. Холобур, тур – турулун, утуй – утуйулун,
сыт – сытылын, түс –түһүлүн; сыт – сыттар, түс – түстэр,
о.д.а. диэн буолбат.

                                                                                                    21
   16   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26