Page 25 - Саха тыла 7 кылаас
P. 25
9 §. Көмө туохтуур
Сорох туохтуур тус суолтатын сүтэрэн көмө суолталанар. Ону көмө
туохтуур дэнэр. Холобур:
Тыал түһэн эрэр — тыал саҕаланна.
Кини үөрэниэх этэ — «үөрэннин» диэн сүбэлээһин.
Миигин оскуола киһи гыммыта — «ииппитэ, үөрэппитэ» диэн этии.
Убайым учуутал буолбута — «идэ ылбыта» диэн этии.
Көмө туохтуур үөскэппит туохтуурдара:
— тыаһы үтүктэр уонна дьүһүннүүр тыллартан гын, диэ, буол тыллар
көмөлөрүнэн. Холобур, лис гын, кип гын, чыып диэ, хаах диэ, ар диэ,
ирим-дьирим буол, борук-сорук буол, барыс гын, дьүккүк гын.
— сыһыаттар, сыһыат туохтуурдар, аат туохтуурдар ыл, оҕус, тарт,
гын, буол, түс, биэр, о.д.а. тыллар көмөлөрүнэн. Холобур, тутан ыл, хам
ыл, дьөлө оҕус, тоҕо тарт, устар гын, көрөр буол, охтон түс, дьөлө тарт,
этэн биэр...
— сорох туохтуур ааттары төрүт, сыһыарыы, туохтуу, таһаарыы түһүк-
кэ салайан сомоҕо туохтууру үөскэтэр. Холобур, тыл эт, сэниэ ыл, үс
гын, киһи гын, күлүү гын, айах тут, киэн тутун, баар гын, оҕо көр; күлүү-
гэ бар, ууга бар, олоххо киллэр, дьылга бар, тылга киир; сору көр, көрү
тут, эрэйи көр; уостан түһүмэ...
54. Көмө туохтуурдары булан суолталарын быһаар.
Сэргэлээх таас дьиэлэрин уоттара тырымнаһа түстүлэр. Биһи-
ги дьоммут, дьэ, ньиэмэстэри тосторун биэрэн эрэллэр. Өстөөх
өрүттэр кыаҕыттан ааста диэн саныыбын. Быраас ыытан доруо-
буйаҕын бэрэбиэркэлэтиэх буолла. Ксения хайдах эрэ сэниэтэ
суохтук «ыык» диэтэ. Ыаллар түмсэннэр бааһынай хаһаайыстыба
диэни тэринэн эрэллэр үһү. Чыычааҕым, ытаама эрэ, эн айман-
наххына, миэхэ олус ыарахан буолар. Кыыс ити курдук судургутук
эргэ тахсан хаалла. Оҕону ылан иитиэхпитин сөп буоллаҕа. Үчү-
гэйдик кэпсэттэххэ, сөбүлэниэх этэ. Кыыс аатыгар эрэ кэпсэп-
питэ буолла.
55. Көмө туохтуур араас туттуллуутугар иккилии холобурда эт.
25