Page 27 - Саха тыла 7 кылаас
P. 27
Уһуур көрүҥ хайааһын уһуннук буоларын уонна мэлдьи
буола турарын көрдөрөр.
Түмүктүүр көрүҥ хайааһын бүтэһиктээҕин, буолан бүп-
пүтүн, түмүктэммитин көрдөрөр.
56. Аттаһык халыып ньыматынан үөскээбит көрүҥү булан
суолтатын быһаарыҥ.
Хара массыына сырдык буруонан бурдьугунуу, үлэлээн сирдьи-
гинэтэ турар. Хаар ханан да кылаана кыларыйа илик, хата, бу
эбии түһэн эрдэҕэ. Хаһаайка күүлэтин айаҕар халааттаах эрэ тах-
сан турда. Дьуурай массыынаҕа киирэн олордо, аҕыйах күҥҥэ
хорҕоппут көстүүнэйин уонна хаптаһын олбуору көрөн хаалла. Бу
диэки мэнээктээбит куобаҕар тиийэ халадыынньыгар симэн кэ-
биспиттэр. Түрүбүөгэ биллэриллибитин курдук, бу ыксалынан
айаннаан истэҕэ. Чуолҕанын тыастаахтык халыр гына сабан кэ-
бистэ. Сөмөлүөттэн тахсыбыт дьон кыараҕас көрүдүөргэ кутулла
түстүлэр. Ленин бэрэспиэгэ ымсыырда-ыҥыра устан ааста. Ити
кэмҥэ ким эрэ саҥатыттан, уһуктубут курдук көрө түстэ. Есенин
тылларын өйдөөтө, сүрэҕэ минньигэстик ньүөлүйэн кэллэ. Бэрэ-
сидьиэммит Горбачёв туох да буолбатаҕын курдук туттар да, эстэн
эрэбит. Сарсыарда арбы-сарбы уһуктарын өйдөөн ылла. Дьуурай
саҥата суох биир сиргэ таалан турда. Иччитэх дьиэҕэ, өйө-санаа-
та хобдоҕуран, хороллон олордо. Аҕыйах сыл элэс гынан ааһа
охсубута. Хантан манна кэлэн хаалла? Араадьыйанан сонуннары
биэрэ тураллар. Кини уруккутун уонна билиҥҥитин быһыта охсор
курдук, кылгас-кылгас гудуоктар дуораһыйаллар. (ЕН)
57. Аттаһык көрүҥнэр араастарыгар иккилии холобурда өйгүт-
тэн оҥорон суруй.
Сыһыарыынан үөскүүр көрүҥнэр
Саха тылыгар сыһыарыынан үөскүүр көрүҥ икки араастаах: төхтөрү-
тэлиир көрүҥ (бысталаа, уурталаа, хаамыталаа, көрүтэлээ, кистэтэлээ,
саайталаа), тиэтэтэр көрүҥ (быспахтаа, уурбахтаа, хаампахтаа, көрбөх-
төө, кистээмэхтээ, саайбахтаа).
27