Page 26 - Саха тыла 7 кылаас
P. 26
10 §. Туохтуур көрүҥэ
Туохтуур көрүҥэ хайааһын хайдах быһыылаахтык: төхтүрүйэн, тиэ-
тэллик, уһуннук, кылгастык, түмүктэнэн, саҕаланан барарын көрдөрөр.
Кини аттарыы ньыматынан уонна сыһыарыынан үөскүүр.
Туохтуур аттаһык көрүҥнэрэ
Көмө туохтуур суолтатыгар туттуллар тыллар: бар, биэр, ис, кэл,
кэбис, көр, оҕус, сыыс, сырыт, тарт, таҕыс, тур, түс, хаал, ыл, эр.
Бу тыллар туохтуурдарга эбиллэн, хайааһын саҕаланарын, уһун-
нук, кылгастык оҥоһулларын уонна түмүктэнэрин көрдөрөллөр. Ону
туохтуур аттаһык көрүҥэ дииллэр. Саха тылыгар аттаһык көрүҥ
хайааһын хайдах быһыылаахтык оҥоһулларын көрдөрөр.
Көрүҥнэр Халыыба Холобур
Саҕалыыр
-ан бар, -бытынан бар, Көрөн бар, көрбүтүнэн
-а биэр, -ан эр бар, көрө биэр.
Кылгыыр -ө түс/оҕус/тарт, -ан ыл Көрө түс, көрөн ыл,
көрө тарт, көрө оҕус.
Уһуур -ө тур/сырыт, -өн ис
Көрө тур, көрө сырыт,
Түмүктүүр -ан кэбис/хаал, -ан кэл көрөн ис.
Көрөн кэбис, көрөн
хаал, көрөн кэл.
Саҕалыыр көрүҥ хайааһын саҕаламмытын уонна кэминэн
хааччаҕа суох, тохтообокко бара турарын көрдөрөр. Кэм суол-
тата хоһустаҕына түргэнник, тиэтэллик эбэтэр биир кэм бара
турарын, эбэтэр кылгас кэмҥэ буоларын, эмискэччи тэтимэ
күүһүрэн кэлэрин, о.д.а. дэгэттэнэрин бэлиэтиир.
Кылгыыр көрүҥ хайааһын кылгастык, кылгас кэмҥэ буо-
ларын көрдөрөр. Ситимнэһэр тыл суолтатыттан тутулуктанан
түргэнник, тэтимнээхтик алҕас, дэҥҥэ, суһаллык буолар ха-
йааһыны бэлиэтиир.
26