Page 22 - Саха тыла 7 кылаас
P. 22
49. Этииттэн туохтууру булан ханнык туһаайыы буоларын
уонна туох суолталааҕын быһаар.
Уулаах балык быстыбат, ойуурдаах куобах охтубат. Харах көрөн
үөрэр, кулгаах истэн сэргиир. Ийэм миэхэ иһит сууйтарбыта. Убайбын
от оҕустара хааллардылар. Сэбин-сэбиргэлин хомунан, Сэбирдэх дьиэ-
тигэр барарга тэриннэ. Аҕам урукумуонньукка илиитин суунна. Бээчэ
уруогар хойутаабыта эмиэ ахтылынна. Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалсыбат.
50. Бэриллибит туохтууртан туһаайыыта үөскэт, этиитэ толкуй-
даа.
Көр, тут, кут.
51. Хаамтар, көрдөр, туттар, оҕустар, быстар туохтуурдар дьа-
һайар уонна төрүт туһаайыы суолтатыгар туттуллууларыгар
этиитэ толкуйдаа.
Холобур: Ийэбэр этэрбэс ыллардым (ийэм миэхэ этэрбэс ылла —
төрүт туһаайыы; эбэтэр ийэбэр анаан киминэн эрэ этэрбэс ыллар-
дым — дьаһайар туһаайыы).
Ситимнээх саҥа
УУС-УРАН ИСТИИЛ ӨЙДӨБҮЛЭ, БЭЛИЭТЭ,
ТУТТУЛЛАР ЭЙГЭТЭ
С¥БЭ
Ñүãý êûàéáàòàҕûí ñүáý êûàéàð.
Араас барамайы (биридимиэти), хайааһыны, көстүүнү ха-
рахха көстөн кэлэр курдук уобарастаан суруйуу уус-уран ис-
тиил диэн ааттанар.
Тыл баайа, этигэнэ, кэрэтэ уус-уран айымньыга толору арыллар. Саха
омук тылын барҕа баайа болкулуорга (олоҥхоҕо, остуоруйаҕа, чабыр-
ҕахха, о.д.а.) иҥэн сылдьар. Онно тирэҕирэн, саха бастакы суруйаач-
22