Page 17 - Саха тыла 7 кылаас
P. 17

6 §. Туохтуур олоҕо.
          Төрүт, үөскээбит олохтор

    Соруйууну көрдөрөр саамай кылгас тыл: тут, биэр, түс, көр, санаа,
утуй, быс, хаамп, сүүр, олор, тур туохтуур олоҕо дэнэр. Ити бэриллибит
туохтуурдар ханнык сирэйгэ, ахсааҥҥа туралларый? Ол аата 2-с сирэй-
гэ, биир ахсааҥҥа турар соруйууну бэлиэтиир тылы туохтуур олоҕо
диир эбиппит. Маннык соруйар суолталаах тыллар төрүт уонна үөскээ-
бит олох буолаллар.

    Төрүт олох туохтуурдара: баай, бис, бус, быс, бүт, биэр, аах, үөр, көт.
    Үөскээбит олох туохтуурдара: харалаа, хаардаа, хаастаа, харахтаа,
хааннаа, хохтулаа, хотонноо, хоннохтоо.
    Туохтуур үөскүүр: туохтууртан, аат тылтан, даҕааһын ааттан, ахсаан
ааттан, солбуйар ааттан, сыһыаттан, саҥа аллайыыттан.
    Туохтуур туохтууртан үөскүүр: суолтата көһөн (биэр-бэрин, холбоо-
холбос, кытын-кыттыс); ханыылаһан (бар-кэл, киир-таҕыс, сууй-сот,
оонньоо-көрүлээ, иэй-куой, саҥар-иҥэр, күл-сал).
    Атын саҥа чаастарыттан: -лаа, -аа, -й, -р (-ыр, -ар, -аар), -тый (-сый),
-мсый, -рҕаа, -рый сыһыарыыларынан (аат-лаа, хаар-лаа, балык-лаа);
аттарыы ньыматынан (тыл ситиминэн) үөскүүр (киһи гын, учуутал буол,
чыып диэ).

     38. Болҕойон аах, ханнык саҥа чааһыттан үөскээбитин, туох
              суолталааҕын, ханнык ньыманан үөскээбитин быһаар.

1. Дьиэ-лээ, дьиэ-тий; ас-аа, ас-таа; туус-аа, туус-таа; тойон-
    мсуй, тойон-рҕоо; хаан-ыр, хаан-наа; чинчи-й, чочу-й, чо-
    чу-лаа.

2. Хара-лаа, хара-аар; кыра-лаа, кыра-тый; араҕас-тый, кэрэ-
    тий, бэрт-имсий, өйдөөх-үмсүй; чуумпу-р, үтүө-р, хараҥа-р.

3. Олус-таа, наһаа-лаа, хойут-аа, саас-аа, ыраах-ырҕаа, са-
    тыы-лаа, киэһэ-р.

4. Икки-лээ, иккис-тээ, үһүс-тээ.
5. Ханна-лаа, төһө-лөө, миигин-нээ.
6. Ычча-лаа, ноо-лоо, сат-таа, уруй-даа, айхал-лаа, чэ-лээ.
7. Иччи-лээ, мас-таа, килбик-й.
8. Айака-лаа, ла´ыгыр-аа.

                                                                                                       17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22