Page 14 - Саха тыла 7 кылаас
P. 14
ТУОХТУУР ОЛОХ ХАЛЫЫПТАРА
4 §. Туохтуур өйдөбүлэ. Этиигэ оруола.
Саҥа чааһын быһыытынан
сүрүн бэлиэтэ
30. Туохтуур этиигэ ханнык чилиэн буоларын быһаарыҥ.
Эрдэ турбут оҕолор элбэхтик оонньууллар. Биһиги оҕобут дьон-
сэргэ ортотугар сылдьан улаханнык сайдыбыт. Ытаабат оҕону эм-
сэхтээбэттэр. Мин оскуолаҕа үөрэниэхпиттэн үгүһү биллим. Үөрэ-
ниэххэ, үөрэниэххэ уонна өссө т³гµл үөрэниэххэ.
1. Бэлиэтэммит тыллар тугу бэлиэтииллэрий, ханнык кэмҥэ турал-
ларый, буолар уонна буолбат хайааһыны ханнык туохтуурдар
көрдөрөллөрүй?
2. Онон туохтуур өйдөбүлэ туох эбитий? Этиигэ ханнык чилиэн
буоларый? Тоҕо? Саҥа чааһын быһыытынан аат тылтан туох
уратылаах эбитий? (Т э ҥ н э э : оҕо, учуутал. Уур, сыт, аах)
31. Туохтуурдары бул. Этиигэ ханнык чилиэн буолбутта-
рын болдьох бэлиэнэн тарт. Сомоҕо домохтор суолтала-
рын быһаар.
Ала кулуну төрөппүт. Арбаҕастаах да абыраабат, бытырыыстаах
да быыһаабат. Барыах-кэлиэх сирин булбата. Баһыҥ саллайдын, ку-
туругуҥ суптуйдун. Илин-кэлин сирэй буолар. Көрбүт хараҕын симмэ-
тэ. Хаптаҕай кулгаахтаах истибэтин, хара кулгаахтаах көрбөтүн. Ийэ-
тин-аҕатын ырыатын ыллаппыт. Кыһыл тылынан кынаттанар. Кутуйах
иинин кэҥэтэр. Тумсун дулҕаҕа соттор. Хаарга хаамта, сииккэ сиэллэ.
32. Туохтуурдары бул. Бэйиэт сүбэтин табаарыстаргын кытта
дьүүллэс.
14