Page 13 - Саха тыла 7 кылаас
P. 13
29. Тиэкиһи этиилэргэ араартаан уһул, сурук бэлиэ-
тин туруор.
САРСЫАРДА ТАЙҔАҔА
Киэҥ тайҕа үрдүнэн сип-синньигэс чап-чараас кубаҕай сурааһын
сыста түһэрин саҕана Ньукулай Тогойкин уонна Вася Губин уот-
тарын оттон куугунатан кэбистилэр ол суурадаһын улам кэтирээн
улам тэтэрэн истэҕинэ кини үрдүнэн атын намчы чараас суурадаһын
суһуктуйан тахсаат эмиэ тэтэрбитинэн барда ол курдук утуу-субуу
үрүт-үрдүгэр охсуллан тахсан истилэр кыһыл кыһыллыҥы тэтэркэй
тэтэркэйдиҥи маҕан кубаҕайдыҥы кэрдиистэр сарсыарда аайы
халлаан атын кэрэтик сырдыыр күн туспа үчүгэйдик тахсар эбээт бу
күн анныгар эн төһө да уһуннук олорбутуҥ иһин сарсыҥҥы саамай
үтүө сарсыардаҕар дьулуһарыҥ тохтуо суоҕа сытыы сыппах кыһыл
кэрдиистэр дьагыс гыннылар бары бииргэ силбэһэ түстүлэр хал-
лаан илин эҥээрэ бүтүннүү кытыаста умайан эҥсиллимэхтээн бар-
да ол уот сытыы кыымнарын ыһан кэбистэ дуу диэх курдук чооруос
чыычаах халыҥ үөрэ хаарга ыһылла түстэ. (Амма Аччыгыйа)
· Бу айымньы литэрэтиирэлии тиэкис буолар дуо? Тоҕо?
13