Page 15 - Саха тыла 7 кылаас
P. 15

Туора киһиэхэ буруйгун түһэримэ:
                    Хаһан да саһыма киһи кэтэҕэр.
                    Муҥҥун-соргун дьоҥҥо түһэримэ,
                    Дьоҥҥо дьолгун, үөрүүгүн үллэр.

                            Чолбон сулуһунан
                            Суолгун булун.
                            Өс хоһоонунан
                            Өйгүн тобулун.

                    Аппын ыытан кэбистим —
                    Сарсын син биир тутуоҕум.
                    Алҕас саҥаран кэбистим —
                    Саҥабын хантан тутуомуй? (ЛП)

            5 §. Туохтуур суолтата

    Туохтуурдар суолталарынан үс бөлөххө арахсаллар: хайааһын-ту-
рук туохтуурдара (үлэлээ, көрдөө, дьиэлээ, бастаа, суохтаа, суоллаа);
тыаһы үтүктэр туохтуурдар (лаҥкынаа, бирилээ, дааҕырҕаа, чыып диэ,
сай диэ, хап гын, лип гын); дьүһүннүүр туохтуурдар (мунньаҥнаа, дьүк-
күк гын, будулуй, кылбачый, бэлтэй, дьиримнээ, былтаҥнаа).

    Хайааһын-турук туохтуурдара суолталарынан түөрт араастаахтар:
хайааһын туохтуурдара (оҕус, оҥор, быс, баай, уур); хамсааһын туох-
туурдара (кэл, бар, түс, сүүр, хаамп); турук туохтуурдара (олор, сыт,
утуй, уой, сытый, умай); иэйии туохтуурдара (санаа, таптаа, хомой, үөр).

    Тыаһы үтүктэр туохтуурдар икки араастаахтар: тыаһы-ууһу бэлиэ-
тииллэр (лиһигирээ, лис гын; таһыгыраа, тас гын; лүҥсүй, лүһүгүрээ;
күс гын, пал гын); саҥаны-иҥэни үтүктэр (дааҕырҕаа, даах диэ, кукуук-
таа, кук-куук диэ, бабыгыраа, турууктаа, ньаах диэ, ньааҕынаа).

    Дьүһүннүүр туохтуурдар үс араастаахтар: араастаан туттууну-хап-
тыыны, быһыыны-таһааны ойуулаан көрдөрүү (тоҥхоҥноо, тоҥхох гын;
бөкчөй, бөкчөҥнөө, бөкчөс гын); хамсааһыны, барамай кээмэйэ улары-
йыытын көрдөрүү (дьалкый, дьалкыс гын; хоппой, хоппоҥноо, хоппос гын;
чорбой, чорбоҥноо, чорбос гын); сырдык-хараҥа кубулуйуутун көрдөрөр
(болоор, килэй, будулуй, кылбай, кылбас гын, кылбаҥнаа).

                                                                                                       15
   10   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20