Page 19 - Саха тыла 7 кылаас
P. 19

лэр: утуй, сүүр, көн, үөрэн, көс. Эбэм эрдэ утуйар уонна эрдэ турар.
     Кини Ытык Күөлгэ олорор.

         Анал сыһыарыы көмөтүнэн көспөт туохтуур көһөр суолталаныан
     сөп. Сыһыарыылара: -т, -ар, -ыар. Холобур, утуй-утут, тур-туруор,
     бат-батар; көт-көтүт, түс-түһэр, сыт-сытыар. Биһиги оскуолабыт таһы-
     гар мас олортубут. Балтыбар кинигэ аахтардым. Ийэ кус оҕолорун от
     быыһыгар саһыартаата.

          42. Бэриллибит туохтуурдары көһөр туохтуур гына кубу-
                   лут. Көһөр уонна көспөт суолталарыгар этиитэ оҥор.

    Сүүр, киир, тиий, санаа, ытаа, ....

          43. Бэриллибит туохтуурдары көспөт гына кубулут, этиитэ
                   оҥор.

    Киллэр, суруйтар, ньааҕынат, аһат, хамсат.

          44. Дьыктаанна суруй. Туохтуурдар бөлөхтөрүн быһаар.

    Үчүгэй кинигэ киһи өйүн байытар. Күн сири сырдатар, үөрэх — киһи-
ни. Дьэбиннээх тимир үлэҕэ күлүмүрдүүр. Илии хамнаатаҕына, айах
хамныыр. Көтүмэх үлэ көдьүүһү аҕалбат. Сытар киһи сыыспат, сылдьар
киһи алҕаһыыр. Тыала суохха мас хамсаабат. Эрэй элбэххэ үөрэтэр.

          Ситимнээх саҥа

КЭПСЭТИИ (ДИАЛОГ) — ТИЭКИС КӨРҮҤНЭРЭ

          Кэпсэтии арааһа

Сиэрдээх  Көҕүлүүр  Ыйыталаһар    Санаа
          сыаллаах              атастаһар

          45. Кэпсэтиилэри аах, араастарын быһаар.

    I. — Үтүө күнүнэн, Николай Николаевич! Бүгүн уруһуйбут ку-
руһуога буолар дуо?

    — Буолар. Түөрт чааска оскуолаҕа кэлээр, Илья.
                                                                                                            19
   14   15   16   17   18   19   20   21   22   23   24