Page 24 - Саха тыла 7 кылаас
P. 24

52. Тиэкиһи ааҕыҥ. Бэлиэтэммит уус-уран хоһуйар ньыма кө-
          рүҥүн быһаарыҥ.

                                САЙЫН САҔАЛАННАҔА

    Тоҥ сири тоҕо сүргэйэн, сааһы күүһүн күөнүнэн көрсүбүт ньур-
гуһун сайыны уруйдуу быкпыта быданнаата.

    Киэҥ-куоҥ үрдүк халлаан нэлэмэн күөх куйаарын урсунугар
кырачаан күөрэгэй биир сиргэ битийэ, дьирибинэйэ-тырыбынайа
сапсына турда. Турда эрэ буолуо баара дуо, дьуру-дьур дьуру-
латан, дьири-дьир дьирилэтэн, кэрэттэн кэрэҕэ, үтүөҕэ угуйда.
Кини алыптаах ырыата дьүрүһүйэ кутуллан, сүрэҕи-быары, дууһа-
ны сылаанньыта өрүкүттэ. Бу күндүтүн, дьиктилээхэй күүһүн. Ол да
иһин кинини мүнүүтэҕэ 130-ча кэрэ дорҕоону кутар диэн эрдэх-
тэрэ. Киниттэн хаалсымаары, сайыны уруйдаһан, кэҕэ чуор куо-
лаһа куоталаһа чоргуйда. Тугун кэрэтэй, арыы саһыл сыһыым
үрдүнэн күндү куоластаах күөрэгэйим көмүс ырыата кутуллара,
чэлгийэ көҕөрөр кэрии тыабыттан кэрээбэт кэпсээннээх кэҕэбит
күнү-түүнү быһа туойара. Уһун кыһын умуннахха дьикти да күүһү
эбинэҕин, толору дьолунан туолаҕын.

    Онтон дуо, доҕоор, итии сайын ийэбит сылаас дыргыйар сытынан
сүрэххэ тиийэ сайа илгийэн киирэр. Ити кэрэни тилэх баттаһан,
ойуурга хамсаабытынан мутукча чэлгийэ, сараадыйа, мүөт курдук
ураты сытынан кууспаҕалыы түһэр. Сир ийэм барахсан, көһүтэн-кэ-
тээн турбут, чээлэй күөх баархатын тилэри тэлгэнэ унаарыйар.

    Ойуурбут, сыһыыбыт дьэрэлийэр симэҕэ ситэн, торолуйа тупсан
томтоһуйа түспүтэ күүстээҕин. Саха сирин сайына саҕаланнаҕа.

                                                                                      (Иннокентий Прудецкай)

    1. Тиэкиһи уус-ураннык ааҕарга холон.
    2. Билбэт тылларгын бэлиэтэн, тылдьыттан көрөн суолтатын бы-

          һаар.
    3. Тиэкискэ аатта толкуйдаа, тоҕотун дакаастаа.

          53. Күһүн кэллэ диэн тыл ситимин уус-уран истиил хоһу-
                   йар ньымаларынан тэнитэн суруй.

24
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29