Page 29 - Саха тыла 7 кылаас
P. 29

11 §. Кыччатар (атаахтатар) туохтуур

          61. Этиилэри тэҥнээ, бэлиэтэммит туохтуур көрдөрөр суол-
                    таларын быһаар.

    Кыысчааммыт бүгүн эрдэ утуйаахтаабыт – Кыыспыт бүгүн эрдэ
утуйаахтаабыт.

    Хайа, ийээ, кэлээхтээбиккин дуу? — Хайа, ийээ, кэлбиккин дуу?
    Үлэҕин, дьэ, бүтэрээхтээтиҥ ээ. — Үлэҕин, дьэ, бүтэрдиҥ ээ.

         Туохтуур кыччатар халыыба саҥарар киһи хайааччыга тус кыччатар,
     намтатар, аһынар, атаахтатар сыһыанын көрдөрөр.

         Кыччатар туохтуур -аахтаа сыһыарыынан үөскүүр. Бу сыһыарыы ту-
     һаайыы, көрүҥ халыыптарын кэнниттэн эбиллэр. Ол эрээри, тиэтэтэр
     көрүҥ -бахтаа сыһыарыытыгар эбиллибэт.

  62. Бэлиэтэммит туохтуурдар кыччатар суолталарын быһаар.

    Эдэр киһи, эн да санатаахтаабатаххын. Харах-көс мөлтөөн киһи
көрүөҕүн да көрөөхтөөбөппүн. Оо, бу котоку суол ортотугар быста-
раахтаабыт. Биирдэ эмэ таарыйан, сээкэйи кэпсэтэ түһэн ааһаах-
таабаккын. Киһи эрэ буоллар, дьэ сыыстараахтаабыт. Дойдубун
булаахтыыр күннээх эбиппин ээ... Таҥара барытын көрөн тураах-
тыыр. Оҕом күн бокуойа суох сылдьаахтыыр.

  63. Бэриллибит туохтуурдартан кыччатар туохтуурда үөскэт,
          этиитэ оҥор.

           Күүт, санаа, кистээ, киир, биэр, ыарый, көт.

          64. Ханыылыы этиилэри тэҥнээ, истиил өттүнэн туох тус-
                   палаахтарын быһаар.

    Ийэбит эрэйдээх биһиги туспутугар түбүгүрэн, түүн аанньа утуйбак-
ка, күнүс түптээн олорон ылбакка үлэлээн-хамсаан, эрдэ кырдьыбыт
эбит — Ийэбит биһиги туспутугар түбүгүрэн, түүн аанньа утуйбакка,
күнүс түптээн олорон ылбакка үлэлээн-хамсаан, эрдэ кырдьаахтаабыт
эбит — Ийэбит эрэйдээх биһиги туспутугар түбүгүрэн, түүн аанньа
утуйбакка, күнүс түптээн олорон ылбакка үлэлээн-хамсаан, эрдэ кыр-

                                                                                                            29
   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34