Page 33 - Саха тыла 7 кылаас
P. 33

ТУОХТУУР ТУТТУЛУК ХАЛЫЫПТАРА

         Туохтуур тылга туттуллар туһуттан хайаан да туттулук халыыпка
     туруохтаах. Бу көстүү араас тылларга майгыннаһар. Холобур, нуучча
     уонна саха тылларыгар 4 (түөрт) туттулук халыыптаахтар:

         Тус туохтуур (личная форма глагола) — туохтуур сирэйинэн улары-
     йар, туохтуур кэмин, киэбин үөскэтэр халыыба.

         Сыһыат туохтуур (деепричастие) — ойоҕос хайааһыны көрдөрөр,
     сүрүн хайааһын бэлиэтин сиһилиир халыыба.

         Аат туохтуур (причастие) — туохтуур быһаарыы буолар, ойоҕос хайаа-
     һыны көрдөрөр, тус туохтуур буолар халыыба.

         Үлүбүөй туохтуур (инфинитив) — хайааһыны сыал-сорук курдук өй-
     дөөн оҥорору көрдөрөр арааһа.

 12 §. Тус туохтуур. Киэп. Кэпсиир киэп

         Тус туохтуур диэн туохтуур кэпсиирэ буолар арааһа. Кэпсиирэ буо-
     лар туохтуур киэп, кэм, ахсаан, сирэй сыһыарыытын ылынар.

         Киэп диэн саҥарар киһи хайааччы хайааһыны оҥорорун сыаналаа-
     һынын көрдөрөр халыып.

         Кэпсиир киэп хайааччы хайааһына чахчылааҕын (буолбутун, буола-
     рын, буолуоҕун) көрдөрөр. Онон кини үс кэм халыыптарыттан турар.

                                         Туохтуур кэмэ
         Туохтуур кэмэ диэн саҥарар киһи саҥарар түгэнигэр сыһыаннаан
     хайааһын оҥоһуллубутун, оҥоһулларын, оҥоһуллуоҕун туоһулаан этэрэ
     ааттанар.
         Туохтуур кэмэ бары омук тылларыгар үс араастаах: ааспыт, би-
     лиҥҥи, кэлэр кэмнэр диэн. Саха тыла икки ааспыт (билигин ааспыт
     уонна урут ааспыт), биир билиҥҥи, биир кэлэр кэмнээх.

                                                                                                            33
   28   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38