Page 36 - Саха тыла 7 кылаас
P. 36

71. Урут ааспыт кэм араастарын буолар уонна буолбат ха-
                    лыыптарын сирэйдэниитин табылыыссата о²орон суру-
                    йуҥ. Арааһын аайы биирдии холобурда булуҥ. Суолтала-
                    ра тугунан туспатыйалларын быһаарыҥ.

                         Ситимнээх саҥа

           КИҺИ ТАС КӨРҮҤҮН, МАЙГЫТЫН-СИГИЛИТИН,
                            ИС ТУРУГУН ОЙУУЛААҺЫН

          72. Тиэкиһи аах. Суруйааччылар мэтириэттэрин болҕойон
                   көр. Ханнык суруйааччы ойууламмытын быһаар.

    ... уҥуоҕунан кыра-дьоҕус киһи этэ. Ол гынан баран, кини дьү-
һүнэ-бодото үрдүк тиит төбөтүгэр түһэн олорор мохсоҕол кыыл кы-
лаан бэрдин маарынныыра. Киһи сүрэҕин сайа киирэр тырымнаах
сытыы харахтааҕа, нап-нарын эрээри уһуктаахха дылы уостааҕа-
тиистээҕэ. Кэлтэгэйдии хайа тарааммыт саһархайдыҥы баттаҕын
бэскитэ уҥа чабырҕайын кыратык саба түспүтэ — ис киирбэх, сы-
лаанньыгас сирэйин эбии киэргэтэргэ дылыта.

       73. Суруйааччы туһунан кэпсээни болҕойон иһит (учуутал
               ахтыыларга олоҕурбут кэпсээнэ) уонна кини майгыта-си-
               гилитэ олох араас түгэнигэр ис туруга хайдах уларыйан
               испитин быһаар.

  74.  С³бµлµµр суруйааччы² ту´унан ахтыыны булан аах, кэпсээ.

36
   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41