Page 41 - Саха тыла 7 кылаас
P. 41

Òûë ýòèè èñòèèëý òóîõ òèýìýòòýí, êèì èñòýðèòòýí òóòóëóêòààõ.
 Êûðà îҕîҕî, êûðäüàҕàñ êèһèýõý ñóäóðãó òûë-өñ, ñүðүí èñòèèë îðäóê
 өéäөíөð. Үөðýõòýýõ, êèýҥ áèëèèëýýõ äüîҥҥî ïóáóëóóñòóêà èñòèèëý
 òóòòóëëàð. Үөðүүëýýõ-êөòүүëýýõ òүãýҥҥý, áûðààһûííüûêêà óóñ-óðàí
 èñòèèë îðäóê äüүөðýëýýõ.

  · Пубулуустука истиилин тутуһан, «Кэскил» хаһыакка чөл
              олох тиэмэтигэр сэмиэккэтэ суруйан ыыт.

             14 §. Киэптэр кэмнэрэ,
                  дэгэт суолталара

            Туохтуур ойоҕос киэптэрэ чопчу кэмҥэ сыһыаннаах эбэтэр бол-
       дьох кэмнээх туттуллаллар.

          Соруйар киэп саҥарбыт кэмҥэ буолар хайааһыҥҥа сору-
      йууну, баҕарыыны, көрдөһүүнү, сүбэни көрдөрөр. Икки араас-
      таах: 1) өтөр кэлэр кэмнээх: суруйуум, суруй, суруйдун, су-
      руйуоҕуҥ, суруйуҥ, суруйдуннар; 2) хойут кэлэр кэмнээх:
      суруйаар, суруйаарыҥ. Өссө иккилээх ахсаан халыыптаах:
      барыах, барыаҕыҥ.

          Буолбат халыыба туохтуур буолбат олоҕуттан үөскүүр.

80. Бар — кэл, тур — олор, түс — таҕыс онтуоньум уонна
        кэпсээ — сэһэргээ — эт синиэньим туохтуурдарынан соруйар
        киэптээх этиитэ өйгүттэн бул. Холобур: Бүгүн үлэҕэр эрдэ
        бараар, оттон миэхэ хойут да кэл. Кини таах олорботун,
        дьиэни манаан турдун. Маҥнай лиибинэн тохсус этээскэ
        тахсыах, онтон биир этээһи сатыы түһүөх.

          Сэрэтэр киэп саҥарбыт кэннэ буолар хайааһынтан саҥа-
      рааччы сэрэхэдийэрин, сэрэнэрин, баҕалааҕын, боборун көр-
      дөрөр. Сэрэн, үлтү түһээйэҕин. Сарсын дьоммут кэлээйэл-
      лэр. Бука диэн, онно сылдьаайаҕын.

          Буолбат халыыба туохтуур буолбат олоҕуттан үөскүүр.

                                                                                                          41
   36   37   38   39   40   41   42   43   44   45   46