Page 44 - Саха тыла 7 кылаас
P. 44

87. Бэриллибит холобурдары тэҥнээҥ. Суолталарыгар туох
                   туспалаахтарый? Иккиэннэрин үгэс хайааһынын көр-
                   дөрөллөр диэххэ сөп дуо?

    1. Сынньалаҥ кэмнэригэр кини кинигэ ааҕар этэ. 2. Хомондьу-
руопкалаахтар уонна ыалдьыттар манна сөмөлүөтүнэн эрэ кэ-
лэллэрэ (кэлэллэр этэ). (ЕН) 3. Эһиги кинини кыраҕа да мөҕөөч-
чүгүт. 4. Кырдьыгынан эттэххэ, биһиэхэ урут дьуолка олох да ту-
рааччыта суох этэ. (РБ) 5. Биһиги кинилэргэ сылдьааччыта суохпут.
6. Биһиги кинини оҕо диэн аахайбат этибит.

            Сэрэйэр киэп хайааһын саҥарыах иннинэ буолбутун эбэ-
        тэр буолбатаҕын сэрэйэн этэри көрдөрөр. Онно хаар кыы-
        дамнаан эрдэҕэ. (ЛП) Кини итинник эппэтэҕэ буолуо.

            Буолбат халыып -таҕа, буолар халыыпка «буолуо» көмө
        туохтуур эбиллэн үөскүүр.

          88. Бэриллибит холобурдартан кэм уонна дэгэт суолтала-
                   рын номоҕун быһаарыҥ. Хайа суолта бастыыр эбитий?

    Куһаҕан солун сымыйата кэлиэ дуо — кырдьык эбит, айдааннаах
хаһыат дьэ кэллэҕэ. (ЕН) Дьэ бу кэлбит хаһыатынан сүллэр этиҥ
лүҥсүйдэҕэ, уот сарадах чаҕылҕан кини үрдүгэр саалыннаҕа. (ЕН)
Хаар ханан да кылаана кыларыйа илик, хата, бу эбии түһэн эрдэ-
ҕэ (ЕН). Ол эрээри олох бары үтүөтүттэн тииһинэн хаалардыы ум-
сугуйан-дьулуһан туран олорор кыыс оҕо кылаан бэрдэ хайаан да
өлөн-охтон биэрбэтэҕэ буолуо. (ЕН)

       Туохтуур киэптэрэ кэпсэтии уонна уус-уран истиилгэ киэҥник тут-
       туллаллар.

  89. Кыра о±ону сэрэтэр ис хо´оонноох хас да этиитэ толкуйдаа².

  90. Туохтуурдары бигэрэгэтэр киэпкэ уларыты². Холобур:
          тур-туруу´убун.

          1. Ыксаа, тиэтэй, ыгылый.
          2. Буой, тохтот, уурат.
44
   39   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49