Page 48 - Саха тыла 7 кылаас
P. 48

100. Бэриллибит туохтуур олоҕуттан ханыылаһар уонна ха-
                   тыланар олохтоох сыһыат туохтуурда оҥорон суруй.
                   Этиитэ толкуйдаа.
                   Холобур, ыллаан-туойан, ыллыы-туойа, ыллаары-туо-
                   йаары, ыллаат-туойаат; ыллаан-ыллаан, ыллыы-ыл-
                   лыыбын.

                    Бар, бил, бул, үөр, сүүр, кэтэс.

         101. Сөптөөх сыһыат туохтууру туттан, ситэрэн суруй. Си-
                   ниэньими туһан. Тоҕоостоох миэстэҕэ ханыылыы сы-
                   һыат туохтууру үөскэт.

                                 ДЬИКТИ БУЛТААҺЫН

    Өйдөөн-____ көрбүтүм хабдьы буолбатах, кырынаас эбит. Мин
үтүлүкпүн ____, сыгынньах илиибинэн саба түстүм. Илиим уот аһый-
да, «айыкка» диэбиппин кулгааҕым эрэ ____ хаалла: арай илиибин
айахпар батары ____ турар эбиппин. Туһахпын ____ кэбиспиппин.
Мин кэлбит суолум устун кырынаас ____ тыраҥ ойо турда. ___ туруом
дуо, кэнниттэн ыстанным. Туһахха ____ ыарыыламмыт кырынааһы
ситиэхчэ буоллум. Кини да ыксаата быһыылаах.

    Балтым ____ иһэн ____ сирэйинэн барда. Улахан этэрбэһэ туу-
ра ыстанна. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, кырынаас уун-
утары ____ иһэн, куотар эрэл сири булбуттуу, этэрбэс иһигэр ____
хаалла. Мин ___ тиийэн этэрбэс иһин саба туппутунан ____ түстүм.
Кырынааһы этэрбэс бүтэй ибили ____ кэбистим. Ити курдук дьикти-
тик бултаан, үөрэн-____ дьиэбитигэр ____ кэллибит.

                                                                                     (Тимофей Сметанин)

    Т у һ а н ы л л а р т ы л л а р : дьүүллээн, төйдөөн, уһулаат, ньылбы
биэрээт, истэн, биэрэн, уган, анньан, быһа тардан, ньылбы тардан,
сүүрэн, ыстаҥалаан, одуулаан, көрөн, иҥнэн, туттаран, ойон, сүүрэн,
иҥнэн, халты үктээн, сүүрэн, ойон, сып гынан, дьылыс гынан, мэлис
гынан, киирэн, ойон, ыстанан, олоро, тиэрэ, тутан, убахтаан, көтөн,
тиийэн, ойон-тэбэн.

         102. Этиини устуҥ. Сыһыат туохтуур ханнык чилиэн буола-
                   рын аннынан тардан бэлиэтээҥ.

48
   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53