Page 45 - Саха тыла 7 кылаас
P. 45

Ситимнээх саҥа

                КИҺИ ҮЛЭТИН-ХАМНАҺЫН ОЙУУЛААҺЫН

                                      С¥БЭ

        Óóһó êûòòà îëîðóîҥ — óóñ áóîëóîҥ, èäýëýýҕè êûòòà îëîðóîҥ —
   èäýëýýõ áóîëóîҥ.

         Пубулуустука көрүҥэ араас:
         y Иһитиннэрэр-биллэрэр матырыйаал: официальнай иһитиннэрии,

            хуруоньука, инники ыстатыйа, эрэпэртээс, уочарка, ахтыы, эрэкэ-
            лээмэ, биллэрии.
         y Кириитикэлиир хабааннаах матырыйаал: ырытыы, сыанабыл,
            фельетон.
         y Мунньахха, миитиҥҥэ, араадьыйаҕа, тэлэбиидэнньэҕэ тыл этии.

          91. Бу идэлэр тустарынан табаарыстаргын кытта кэпсэт.
                   Билбэт тиэрминнэриҥ быһаарыыларын тылдьыттан, Ин-
                   тэриниэттэн көрөн бэлиэтэн.

    Учуутал, суоппар, быраас, архитектор, киинэ артыыһа, дизайнер,
менеджер, экэнэмиис, тириэньэр, бэтэринээр.

        1. Өссө ханнык идэлэри билэҕиний? Ааттаталаа.
        2. Ааттаабыт идэлэргэр сыһыаннаах биэстии туохтуурда булан

             этиитэ толкуйдаа.

          92. Айылҕаттан дьоҕурдаах, сатабыллаах аймаҕыҥ үлэ-
                   тин-хамнаһын ойуулаан пубулуустука истиилинэн өй-
                   төн суруй.

          93. Туохтууртан туохтууру үөскэтэргэ күрэхтэһиҥ: туох-
                   туур бүтэһик буукубатыттан туохтууру үөскэтэҕин.
                   Ким төһө элбэҕи оҥорбут — ол кыайар.

                    Холобур: сырыс — ситиэ — эт — тыын — нуоҕайбыт...

          94. 86 эрчиллиигэ маарынныыр оонньууну айан күрэхтэ-
                   һиитэ тэрийиҥ.
                                                                                                            45
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50