Page 46 - Саха тыла 7 кылаас
P. 46
15 §. Сыһыат туохтуур.
Хос хайааһын — сүрүн хайааһын бэлиэтэ
95. Бэлиэтэммит туохтуурга ыйытыыта туруор. Этиигэ
ханнык чилиэн буоларый? Туох суолтаны бэлиэтиирин
быһаар. Тыл олоҕун уонна сыһыарыытын бул.
Холобур: Аҕаа, түөрт тиити охторон таҥастааты-
быт. (ТС) Хайаан таҥастаатыбыт? — Охторон, сиһи-
лии. Олоҕо: охтор, сыһыарыыта: -он.
1. Убайым сурук суруйа олорор. 2. Эдьиийим килиэп ыла бар-
да. 3 Ийэм күөс буһараары сылдьар. 4. Аҕам илим көрөн кэллэ.
5. Мин тыыннаах балыгы көрөн соһуйдум. 6. Балтым эдьиийэ таҥ-
ныбытын көрөөт сайыста.
Маннык сүрүн хайааһыҥҥа кыттан ойоҕос хайааһыны бэлиэтиир
туохтууру сыһыат туохтуур дэнэр. Кини урут, тэҥҥэ, тута, кэлин
диэн түөрт араастаах. Хайаан? Хайыы? Хайаат? Хайаары? диэн ыйы-
тыыларга хоруйдуур.
Буолар уонна буолбат халыыптаах.
96. Сы´ыат туохтуур буолбат халыыбыгар 4 этиитэ холобурдаа.
Сыһыат туохтуур үөскүүр халыыптара
Сыһыат туохтуур арааһа
Халыыба Урут с/т Тэҥҥэ с/т Тута с/т Кэлин с/т
Хайаан? Хайыы? Хайаат? Хайаары?
Буолар
халыып -ан -а, -ыы -аат -аары
туран тура тураат тураары
Буолбат
халыып -ымына, -бакка -ымаат -ымаары
-бакка турбакка
турумуна (туттуллубат) турумаары
Сыһыат туохтуур этиигэ сиһилии, холбуу кэпсиирэ сүрүн чааһа, са-
лаа этии кэпсиирэтэ буолар. Кулуупка киинэ көрө бардыбыт. — Ха-
йыы, тоҕо бардыбыт? (сиһилии). Тайах ыппытын көрө оҕуста. — Ха-
йаата? (холбуу кэпсиирэ). Саас кэлэн, оҕолор дьиэҕэ олорбот буол-
лулар. Саас хайаан? Тоҕо? (салаа этии кэпсиирэтэ).
46