Page 47 - Саха тыла 7 кылаас
P. 47
Сыһыат туохтуур уларыйбат, ол эрээри ойоҕос хайааһыны көр-
дөрөрүгэр, кини суолтатын анаан бэлиэтииргэ, кэпсиирэ сыһыарыы-
тын ылыныан сөп. Холобур: Эрдэ кэлэммит (кэлэн), тиэргэн хаарын
күртүбүт. Эрдэ өйдөөн көрбөккөбүн, ыкка ытыртара сыстым.
97. Тэҥнээ: сыһыат туохтуур сирэй сыһыарыылаах туттул-
луута туох эбии дэгэттээҕин быһаар.
Ол тиийэн от охсустум — Ол тиийэммин от охсустум.
Кэлээт, от оҕустум — Кэлээппин от оҕустардылар.
Үлэлии-үлэлии үөрэммитим — Үлэлии-үлэлиибин үөрэммитим.
Үөрэхпин бүтэрээт, аармыйаҕа барбытым — Үөрэхпин бүтэрээп-
пин аармыйаҕа барбытым.
Сыһыат туохтуурдар бары ханыылаһан, оттон урут, тэҥҥэ сыһыат
туохтуурдар хоһулаһан туттуллаллар. Ийэбит үлэлии-үлэлии үнүбэр-
сиэккэ үөрэнэр. Дьон ыт хараҕа суох оҕону төрүүрүн билэр да, тоҕо
эрэ: «Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр үһү», —
дииллэр.
Көрөн-истэн туллуктана хоспор куруук кииримэ. Тымныыга хам-
сыы-имсии сылдьар киһи тоҥмот. Бараары-кэлээри сылдьан мээ-
нэҕэ аралдьыйар сатаммат. Кулунчукпут хамсаат-имсээт, тута туран
кэлбитэ.
98. Бэриллибит туохтуурдары сыһыат туохтуур халыыбы-
гар туруор, ханыылаан уонна хоһулаан туттан этиитэ
суруй.
Сүүр, хаамп, ытаа, көр, бил, көт, киир.
99. Сыһыат туохтуур арааһын, буолар, буолбат халыыбын
ый. Ойоҕос хайааһын сүрүн хайааһын иннинэ, иннинэ
аҕай, кэнниттэн эбэтэр бииргэ буоларын быһаар.
1. Кинигэни болҕойон аах, туох кэпсэнэрин кичэйэн өйдөө.
2. Мин сүбэлиирбин тоҕо ылыммаккын өйдөөмүнэ олоробун. 3. Бэ-
ҕэһээҥҥи быһылаан туохтан буолбутун саныы сыттым. 4. Эн ол
туһунан санаабакка да сылдьаҕын быһыылаах. 5. Уйбаанчык оскуо-
латтан кэлээт, сүөһүлэрин уулата таһырдьа ыстанна. 6. Киһи дьолго
ананан төрүүр, ону ситиһээри олоҕун устата айар-тутар иһин дьүк-
күйэр. 7. Эн миигин тугу да ситиһимээри гынна диэн куттаныма, ин-
нибэр бүтүн олоҕум баар. 8. Быйыл саас кэмигэр ардаан, от бэркэ
µµннэ. 9. Кинигэттэн ³йд³³н у´ул.
47