Page 50 - Саха тыла 7 кылаас
P. 50
кыырпах көстөрөй? Көмүс барахсан, эн күндү да буоллаҕыҥ, сыаналаах
да буоллаҕыҥ, эрэйдээх да буоллаҕыҥ! Эйиэхэ дьон-сэргэ сүгүрүйэр,
умсугуйар, тардыһар!
(«Саха сирэ» ха´ыаттан)
Бу кыра кэрчиккэ ааптар икки ыйытыы, икки күүһүрдүү этиини туттар.
Биир өйдөбүлү, биир тииптээх этиини хатылаан, санаатын тоһоҕолоон
этэр. Үөрэ-дьүөрэ тылы булар. Көмүскэ туһаайан, киһи курдук кэпсэтэр.
103. Тиэкиһи болҕойон аах. Аатта толкуйдаа. Бэриллибит
исхиэмэни, ырытыыны сирдэтэн сиһилиир ньымалары
бул. Пубулуустука истиилэ буоларын дакаастаа.
Учуутал! Кини үтүө мөссүөнэ күн-дьыл ааһан, сааһыран ис-
тэхпит аайы улам дьэҥкэрэн, тупсан иһэр уонна биһиги дууһабы-
тыгар айымньылаах үлэ кыымын күөртүүр, күүс-күдэх угар, үчүгэй-
гэ-кэрэҕэ угуйар. Ити — өйдөнөр суол. Санаан да көрдөххө, биһиги
киһи буоларбыт туһугар киниттэн ордук элбэх сыратын биэрбит,
өйүн күүһүн, сүрэҕин сылааһын туох да кэтэх санаата, төлөбүрэ суох
толук уурбут киһи хантан кэлиэй? Ким баҕарар бэйэтин үлэтигэр
элбэх киһини кытта билсэр-көрсөр, кинилэртэн элбэххэ үөрэнэр,
ол эрээри киһи дьылҕатыгар, билиинэн сэбилэниитигэр, олоххо
суолун-ииһин булунарыгар кини эрэ быһаарыылаах сабыдыалы
оҥорор. (ИД)
104. Маҥнайгы учууталыҥ туһунан пубулуустука истиилин
тутуһан ахтыыта суруй, аатта толкуйдаа.
С¥БЭ
Àõòûû òөһө äà áèèð êèһè òóһóíàí áóîëáóòóí èһèí, àðààñ äüîí
îëîҕóí òààðûéàð, ñàíààòûí-èýéèèòèí àðûéàð ñүðүí ñàíààëààõ áóî-
ëàí, äüîëó òàðäàð. Àõòûû õàһàí äàҕàíû èñ ñүðýõòýí òàõñàð, îíîí
êèһè äîëãóéà, äóîһóéà ààҕàð èһèðýõ òûëëààõ-өñòөөõ, ïóáóëóóñòóêà
èñòèèëèíýí ñóðóéóó áóîëàð.
50