Page 53 - Саха тыла 7 кылаас
P. 53
1. Күһүөрү сайын оттуу (сырыт), үс күн ардахха (хаайтар) балаак-
кабытыгар олорбуппут. 2. Күнүскү аһылык саҕана сылгы чыычаахтара
көтөн (кэл), от күрүөтүгэр олордулар. 3. Чыычаахтар буортулаах үөнү
сиир (буол), туһаны аҕалаллар. 4. Ардах иннинэ моонньоҕон, хаптаҕас
арамаат сытынан (дыргый), үөн-көйүүр арааһа мустар. 5. Биир күн
кымырдаҕастар бары уйаларыгар (киир) саһан хаалбыттара. 6. Ар-
дах ааспытын кэннэ (таҕыс), эмиэ үлэлээн бардылар. (ИС) 7. Кыр-
дьа±ас тии´игэ (киир), оронуттан турбата.
109. Урут сыһыат туохтуурунан бэриллибит тутулуктаах
хайааһын буолуу, төрүөт, кэм сиһилиитэ уонна биир
уустаах кэпсиирэ суолталанар. Ол эрээри арыт сыһыат
туохтууру тус туохтуурунан солбуйар ордук буолар.
Тэҥнээ. Хайата табыгастааҕын быһаар.
I. Биирдэ, хас да чаас салгыбакка кэпсэтэн, чэйдээн-хайаан,
ааныгар тиийэ атааран баран, чахчы, үөрбүт куолаһынан саҥа ал-
лайан, миигин соһутан турар:
— Дьэ, бу үөрүү, доҕор!
— Туох үөрүүтүн эттиҥ, Николай Егорович?
— Оттон, дугаар, Эн сылдьыбытыҥ! — уонна хараҕын диэличчи
көрөн, илиитин даллах гынан баран, миигин тардан ылан, сүүспүт-
тэн сыллаан ылбыта. (МЧ)
II. Биирдэ, хас да чаас, чэйдээн-хайаан, салгыбакка кэпсэтти-
бит, Николай Егорович ааныгар тиийэ атааран баран, чахчы, үөрбүт
куолаһынан саҥа аллайан, миигин соһутта:
— Дьэ, бу үөрүү, доҕор!
— Туох үөрүүтүн эттиҥ, Николай Егорович?
— Оттон, дугаар, Эн сылдьыбытыҥ! — уонна хараҕын диэличчи
көрдө, илиитин даллах гынан, миигин тардан ылла уонна сүүспүттэн
сыллаан ылла. (МЧ)
110. Сыһыат туохтуур сүрүн хайааһыны бэлиэтиир туохтуу-
ру кытта ситимэ араас суолталаах буолар. Ону туох-
туур атын халыыптарын ситиминэн солбуйуохха сөп.
Тэҥнээҥ, туох туспалааҕын быһаарыҥ.
Кини кэлбититтэн үөрдүм — Кини кэлбит, онтон үөрдүм — Кини
кэлбит, онон үөрдүм — Кини кэлэн үөрдүм — Кини кэлбит — үөрдүм.
53