Page 57 - Саха тыла 7 кылаас
P. 57
Аат туохтуур кэпсиирэ түһүктэнэригэр хайааһын аата суолтала-
нар буоллаҕына, быһаарар тылын оннугар туттуллубут аат туохтуур
хайааччы аата суолталанар. Холобур, Оҕото ыалдьарыттан ийэтэ
олус санааргыыр (хайааһын аата). Ыалдьартан илии арахпат (ха-
йааччы аата).
Аат туохтуур кэми үөскэтэр үс араастаах: ааспыт кэмнээх, билиҥ-
ҥи кэмнээх уонна кэлэр кэмнээх.
Саха тылыгар кэлин үөскээбит өссө маннык аат туохтуурдар бааллар:
-быттаах/-батахтаах,
-ардаах/-баттаах,
-ыахтаах/-ымыахтаах, -ыа суохтаах,
-ааччы/-ааччыта суох,
-а/-ыы илик.
Сирэй сыһыарыытын ылыммыт аат туохтуур тус туохтуур оруолун толо-
рон, кэм уонна киэп халыыптарын үөскэтэр. Холобур:
Москуба куорат 1147 сыллаахха тутуллубут — кэпсиир киэп, урут аас-
пыт кэм.
Санкт-Петербург Нева өрүскэ турар — кэпсиир киэп, билиҥҥи кэм.
Бу үйэ ортотугар киһи Марска көтүөҕэ — кэпсиир киэп, кэлэр кэм.
Быйыл Виктор Лебедев кимиэхэ да кыайтара илик — буола илик ха-
йааһын киэбэ.
Саха сирин гааһа Кытайга тахсыахтаах — буолуохтаах киэп.
В.Г. Короленко сыылкаҕа олорон саха дьонун туһунан кэпсээн суруйбут-
тааҕа — кэпсиир киэп туоһулаах биирдэ буолбут урут ааспыт кэм.
Саха сиригэр оҕуруот аһа эрдэ ситээччи — үгэс киэбэ.
Аат туохтуур маннык уларыйан тылга киэҥник туттуллар. Ону аат
туохтуур кэпсиирэ эбэтэр этии түһүктэниитэ дииллэр.
118. Бэлиэтэммит тыл барыта аат туохтуур. Тус туохтуур оруо-
лугар туттуллубуттар. Тус туохтууртан уратылара — түһүк
сыһыарыытын ылынан хос хайааһын оруолугар туттуллуох-
тарын сөп. Этии кэпсиирэтин түһүккэ туруоран этиитэ оҥор.
Суолтатын быһаар. Холобур: Убайым кэлбитин мин көрсүбэ-
тэхпин. Убайым кэлбитигэр үөрбүтүм. Убайым кэлбитит-
тэн соһуйдум.
1. Баай дьадаҥыны аһыммат. 2. Киһи иккитэ төрөөбөт. 3. Таҥа-
ра сэрэҕи таптыыр. 4. Сыыла сылдьан сыарҕа быатын кэрбиир.
57