Page 61 - Саха тыла 7 кылаас
P. 61

Сайыҥҥы сарсыарда. Күн тахсыыта... Харахпын симэн, чуумпуну
иһиллии сытабын. Алыптаах дьикти чуумпу... Киһини бигиир, чэпчэ-
тэр ити чуумпуга үрэх курулуур сүүрээнэ, эрдэһит чыычаах ырыата,
саҕахха үүммүт лаглаҕар хатыҥ сипсиэрэ, кэҕэ чуор куолаһа иһиллэр.

    Бу алыптаах чуумпу мин туҥуй дууһабар күүс угар, иһирэх са-
нааны хамсатар, модун ырыаны күөртүүр. Бу кустук сэттэ өҥүнүү
оонньуур дьикти дьүһүнү сүтэримээри, харахпын сэрэнэн аһабын.
Онно көрөбүн дьоллоох олохпун уруйдуу хайа кэтэҕиттэн ойбут күн-
дэлэс күммүн.

    Ыраас, кэрэ мин үтүөкэн дойдубар тапталым мантан саҕаланар
дии саныыбын. Ол аата төрөөбүт дойдум эмиэ мантан саҕаланар.

                                                                                              (Т. Харитонова)

         1. Тиэкистэн истиил бөгүүрэлэрин булан уһул, бэйэҕиттэн холо-
             бурда толкуйдаа.

         2. Бэһис апсааска көппүт аат туохтуурдары туруор, кэмин, ах-
             саанын быһаар.

         3. Төрөөбүт дойдуҥ туһунан истиил бөгүүрэлэрин туттан санаа-
             ҕын суруй.

         124. «Кэскил» хаһыаттан пубулуустука истиилинэн суруллу-
                   бут тиэкистэ бул, дакаастаа, истиил бөгүүрэлэрин ый.

19 §. Аат туохтуур аат суолтатын
                  ылыныыта.

 Аат туохтуур тылга туттуллуута

125. Бэлиэтэммит аат туохтуурдар этиигэ оруолларын быһаар.
         Этиигэ ханнык чилиэн буолбуттарый?

Аат туохтуур быһаарыы, кэпсиирэ уонна ааттыйдаҕына, туһаан, толоруу
буолар. Кэпсиирэ буолан туран түһүктэннэҕинэ, туһаан, толоруу, сиһи-
лии суолталаах кэпсиирэ-чилиэн оруолун толорор.

Үөрбүт сирэйтэн үчүгэйи билбэппин.
Көрдөөбүт көмүһү булар, сылдьыбыт сыыска тиксэр.

                                                  61
   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66