Page 66 - Саха тыла 7 кылаас
P. 66
пубулуустука истиилин үөрүйэҕин кытта саха тылыгар күүскэ өтөн кии-
рэллэр. Ол сороҕор сахалыы саҥа үөрүйэҕин үтүрүйэр буолла. Онон
саха тылын төрүт-уус үөрүйэҕэ уларыйар, мөлтүүр, кэнсэлээрийэ ис-
тиилигэр киирэн сыыһырар, иинэр-хатар.
133. Аат туохтуур ханнык туһаайыы олоҕуттан үөскээбитин
чопчулаа. Ис хоһооно туох уратылааҕын быһаар. Этии-
гэ туттарга хайата ордук судургутун сыаналаа.
Х о с б ы һ а а р ы ы : Атын киһи оҥорбутун анаан бэ-
лиэтээн этэр атынтан туһаайыы билим (наука), дьыала
истиилигэр ордук оруоллаах буолар. Көннөрү саҥаҕа ол
бэйэтэ да өйдөнөр, онон ити уһун, көлөттүгэс халыыбы
тутта сатаабаттар.
Үөскээбит — үөскэтиллибит аат тыл, үөлбүт — үөлүллүбүт мунду,
буспут — буһарыллыбыт эт, хаппыт — хатарыллыбыт балык, ыппыт
— ытыллыбыт ох, турбут — туруоруллубут дьыала, көппүт — көтүтүл-
лүбүт буукуба. Төлөммүт — төлөнүллүбүт нолуок, бэлиэтэммит —
бэлиэтэниллибит тыл, бэлэмнэммит — бэлэмнэниллибит остуол,
астаммыт — астаныллыбыт ас, ирдэнэр — ирдэниллэр докумуон.
Түспүт — түһэрсиллибит дуогабар, тахсыбыт — таһаарыллыбыт уураах.
Ылыллыбыт — ылыныллыбыт сокуон.
134. Үкчү халыыптаах тыллар этии ханнык чилиэнэ буолбут-
тарын ый. Этиини уларытан аах.
Х о с б ы һ а а р ы ы : Ааттыйбыт аат туохтуур дьыала
истиилин ураты бэлиэтэ буолар: аахсыйа ылбыттар (ак-
ционеры), хаһыакка суруттарбыттар (подписчики),
куоталаһыыга кыттыбыттар (участники). Маннык
этиигэ киһи, дьон, лиичинэс диэн өйдөбүл симэлийэр,
сороҕор ис хоһооно да мунаах буолар, тыл-өс култуурата
түһэр. Онон сүрүн истииллэргэ саха тылын үөрүйэҕинэн
аат тыл (киһи, дьон, оҕолор, саллааттар, кырдьаҕастар,
о.д.а.) быһаарар тылынан солбуллубата ордук.
Холобур: Куоракка барбыттар кэлбиттэр. Куоракка
барбыт оҕолорбут кэлбиттэр.
1. Оскуоланы бииргэ бүтэрбиттэр көрсүбүттэр. 2. Манна үөрэххэ
киирбиттэр тахсыбыттар. 3. Олоҕу тутууга сыраларын биэрбиттэр кэл-
биттэр. 4. Көстүүнэйгэ улуустан кэлбиттэр түспүттэр. 5. Тыылга үлэ-
лээбиттэр наҕараадаламмыттар. 6. Наҕараадаламмыттары Ил Дархан
66