Page 70 - Саха тыла 7 кылаас
P. 70
Үлүбүөй халыып, дьиҥэ, сирэйдэммэтэх -ар, -ыах, -тах аат туохтуур-
дар сыһыарыы түһүккэ туран, судургу кэпсиирэ оруолугар туттуллуулара
буолар. Кинилэр сыһыарыы түһүктээх аат туохтуур курдук эмиэ туттул-
лаллар. Холобур: Тоттоххо, сыа да сымсах. Бу тыаны аастахха, киэҥ
сыһыы кэлэр. Көрөргө үчүгэйэ бэрт, кэттэххэ хайдах буолар? Табыллан
үлэлээтэххэ, саныахха да астык буолуо.
С¥БЭ
Ìàííûê õàëûûï ñàҥàðàð ñàҥàҕà áûëààí, ûҥûðûû, óóðààõ
ñóðóéàðãà ýëáýõòèê òóòòóëëàð.
Õîëîáóð:
Óîïñàé ìóííüàõ óóðàð:
1. Îñêóîëàҕà áýðýýäýãè êөðөð äüóһóóðóñòóáàíû îëîõòóóðãà.
2. Óîïñàé áýðýýäýãè êýһèè òүáýëòýòèí îñêóîëà îҕîòóí áàðûòûí
äüүүëүãýð òàһààðàðãà.
3. Áýðýýäýãè êýһýð үөðýíýý÷÷èëýð òөðөïïүòòýðèí êûòòà ñèáýýһè
êүүһүðäýðãý.
Үлүбүөй туохтуур үөскээһинэ
Буолар халыып -арга -ыахха -тахха
Буолбат халыып -бакка -батахха
-ымыахха,
-ыа суохха
Үлүбүөй туохтуур сирэйдэммэт. Туһаайыы, көрүҥ, кыччатыы ха-
лыыптарыттан үөскүүр. Буолар уонна буолбат халыыптаах. Холо-
бур, туттарарга — туттарбакка, быстарыахха — быстарымыахха,
көрдөрдөххө — көрдөрбөтөххө; быһыннахха — быстыбатахха, көрүн-
нэххэ — көрүммэтэххэ, тутуннахха — туттубатахха; быһылыннахха —
быстыбатахха, тутулуннахха — тутуллубатахха, көрүннэххэ — көрүм-
мэтэххэ; быһыстахха — быһыспатахха, тутустахха — тутуспатахха,
көрүстэххэ — көрсүбэтэххэ; туттахха — туппатахха, быстахха — быс-
патахха, көрдөххө — көрбөтөххө.
141. Дьаһайар, бэйэни, холбуу, атынтан уонна төрүт туһаа-
йыыга туруоран -тахха, -ыахха, -арга үлүбүөй туохтуурдаах
70 этиитэ оҥоруҥ.
Оҕус, тарт, оҥор, ыл, биэр.