Page 68 - Саха тыла 7 кылаас
P. 68
138. Ускуопка иһигэр туох халыып баарын ый. Биирин та-
лан, этиини ситэрэн суруй.
Х о с б ы һ а а р ы ы : Үөскээбит аат тыл билим истии-
лигэр дьүөрэ. Маннык этиигэ саха тылын үөрүйэҕинэн
аат туохтууру туттар ордук. Аат туохтуур бу түбэлтэҕэ
хайааһын аата суолталанар буолан синиэньим ситими
үөскэтэр.
Холобур: Оҕолору туоһу (тигиигэ — үөскээбит аат
тыл, тигэргэ — аат туохтуур) үөрэтэбин. Оҕолору
туоһу тигэргэ үөрэтэбин.
I. 1. Киинтэн бэлэм бурдук (кэлиитэ, кэлэрэ) аҕыйаата. 2. Онон
элиитэ сиэмэни киэҥник (тарҕатыы, тарҕатар) соруга турар. 3. Бэ-
тэрээннэри эминэн-томунан (хааччыйыыга, хааччыйарга) үлэ ба-
рар. 4. Кинилэр сынньалаҥнарын салгыы (тэрийии, тэрийэр) наада.
5. Быыбардааччылар испииһэктэрин (чуолкайдааһыҥҥа, чуолкай-
дыыр) үлэ саҕаланна. 6. Сыл ахсын буруйу оҥоруу үксээн (иһиитин,
иһэрин) мэлдьэһэр кыах суох.
II. 1. Былыргы сахалар (тимир уһаарыытын, хайдах уһаарары)
билэллэр этэ. 2. Айылҕаны билгэлээччилэр күн-дьыл (уларыйыытын,
хайдах уларыйарын) кэтээн көрөллөр. 3. Манна дорҕоон (дьүөрэ-
лэһиитин, хайдах дьүөрэлэһэрин) быһаарыҥ. 4. Оҕо сынньалаҥын
(тэрийиини, хайдах тэрийэри) бэрэбиэркэлээтилэр. 5. Учууталбыт
биһиэхэ (хомуһу тутууну, тыас таһаарыыны — хайдах тутары, хай-
дах тыас таһаарары) көрдөрбүтэ. 6. Манна инбэлиит оҕолор атах
таҥаһын (оҥоруутугар, хайдах оҥорорго) үөрэнэллэр.
Ситимнээх саҥа
ПУБУЛУУСТУКА ТИЭКИҺИН ААПТАР ТЫЛЫН
ТУҺАНАН СИҺИЛИИ СУРУЙУУ
С¥БЭ
Îëîðîð ìóòóêêóí êýðäèìý.
68