Page 65 - Саха тыла 7 кылаас
P. 65

20 §. Аат туохтууру саҥарар
                    саҥаҕа туттуу

        Аат туохтуур саҥарар саҥаҕа киэҥник туттуллар. Ол курдук,
   -быт/-батах, -ар/-бат, -ыах/-ымыах аат туохтуурдар кэм халыыпта-
   рын, -ыахтаах/-ымыахтаах, -ардаах/-баттаах, -быттаах/-баттаах, -а/
   -ыы илик, -ааччы/-ааччыта суох, -ыах/-ымыах эт/эбит, -ар/-бат эт/
   эбит кэм, киэп араас дэгэт суолталарын үөскэтэн, саҥарааччы сыһыа-
   нын көрдөрөр тус туохтуур кэпсиирэ буолаллар. Маны таһынан, аат
   туохтууру эгэлгэлээн туттан, хомоҕой, бэргэн этиилэри оҥоробут.

    1. Аат туохтуур быһаарыылаах өс хоһоонноро: Тэбэр сүрэхтээх, тар-
дар тымырдаах, оонньуур хааннаах киһи. Киэҥҥэ киирбэт, баайга баппат
киһи. Биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт. Билэр күөлүм балыга. Сытар
киһи сыыспат, сылдьар киһи алҕаһыыр. Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр.
Таптыыр сүрэх таайыгас буолар. Хаахыныыр мас охтон биэрбэт.

    2. Ааттыйбыт аат туохтуур туһаан, толоруу: Ытыыр икки ыл-
лыыр икки аҕас балыстар. Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах
арахпат. Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар. Эрдэ турбут тумсун соттор,
хойутаан турбут хараҕын хастар. Сип гыммыты ситиигэ, сап гыммыты
сапка тиһэр. Сатаабат сата баһын тардар. Сэнээбиккиттэн сэттэҕин
ылыаҥ. Кылбайбыт эрэ кыһыл көмүс буолбат. Уус-уран айымньыга
аат туохтуур быһаарыы, туһаан уонна толоруу эмиэ бэргэн этиини
үөскэтэллэр: Тоҥмукка чэй иһэрдэрдии, Сылайбыкка ат мииннэрэр-
дии, Сүрэҕи ириэрэр биир тыл — Сүппэт-өлбөт улуу аат. Ити ааты
Эрэйдэммит Эрэли кытта ыҥырар, Ити ааты Дьолломмут Долгуйан,
махтана ахтар. Дойдубут кутаа уот биһилэххэ курдаппыт кэмигэр са-
табыллаах кини салалтатынан кыайарбыт. Тураҥыра куурбут тума-
ра толооннору ньүөлсүтэн, Хайыта хаппыт хордоҕойдору сиигирдэн,
Аас-туор олоҕу араарбыппыт, Аччык-кулут сорун умнубуппут. Үөрэр
диэни өйдөөбүппүт, Күлэр диэни көрсүбүппүт, Иитэр сүөһүнү күрүө-
лээн, Төрөтөр оҕону төлкөлөөн, Олох диэн уйгулааҕын олорбуппут, дьол
диэн тугун билбиппит. Доҕор кыыс умнубатах тапталын мүөтэ Туох-
хаһыйбыт сүрэхпин ититтэ. (ТС)

    Тыл-өс култууратын үрдэтэргэ ханна-туох халыыбы туттары билиэххэ
наада.

    3. Нуучча тылыгар аат туохтуур бэйэни (возвратный глагол — стро-
ится) уонна атынтан (страдательное причастие — построенный) туһаа-
йыылаах олус киэҥник туттуллар. Ол халыыптар дьыала, билим (наука),

                                                                                                       65
   60   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70